Page 69 - Саха тыла 5 кылаас
P. 69
126. Онтуоньум кэккэтин ситэр, бэйэҕиттэн эбии хо-
лобурдаа. Бэриллибит онтуоньумнар ханнык саҥа
чаастара буолалларый?
Маҥан — сытар — баай —
үчүгэй — киирэр — хомолто —
улахан — түһэр — өрөҕө —
сырдык — барар — сайылык —
127. Утарыта суолталаах тыллары туттан, өс хоһоонун
ситэр. Оччоҕо муударай этии ис номоҕо хайдах
буоларый? (Тэҥнээн көрүҥ: Тот тоҥуй эбэтэр Аас
амарах — Тот тоҥуй, аас амарах.)
1. Кырдьык үрдүгэр _____. 2. Кулгаах ырааҕы истэр,
_____. 3. Аҕыйах тыл минньигэс, _____. 4. Биир мэник
сүтэрбитин, _____. 5. Саҥа доҕордооҕор _____. 6. Өй-
дөөх үтүөнү сатыыр, ______. 7. Ким саҕалыыр, ол ______.
8. Эдэр сааскар үлэлии үөрэммэтэххинэ, ______.
128. Ханыыласпыт тылы ситэриҥ. I бөлөҕү ааҕыҥ, оттон
II устуҥ.
Хос быһаарыы: Онтуоньум ханыыластаҕына, сэргэ
туттулуннаҕына, тыл суолтата кэҥиир, кыаҕа арыллар,
эбиитин этигэн буолар.
I. 1. Хотойум иннибэр- _____ түһэн баран иһэн, сү-
тэн хаалбыта. 2. Кыыс сылайарын да билбэккэ, кэлэн-
____элэгэлдьийэ сырытта. 3. Уйаҕа хайа да өттүнэн
киирэр-_____ аһаҕас хаалбатах. 4. Өлүөскэ аҕыйахта
эбэр-_____, түҥэтэр-_____ да, сонно тута эппиэтин ойу-
тан таһаарар.
II. 1. Оҕонньор эппит: «Кырдьык-______ икки ардынан
кэпсээннэ кэпсээ, оччоҕо биэриэм». 2. Кыыһы кэргэн
кэпсэтэ ыраахтан-______ баайдар уолаттара кэл да кэл
буолбуттар. 3. Оттон мин баара-______ биир ынахтаах
69