Page 70 - Саха тыла 5 кылаас
P. 70

дьадаҥы киһи кинилэргэ туохпунан тэҥнэһиэм баарай?
4. Саха киһитэ олоҕун-дьаһаҕын, сирин-уотун, үөрүү-
түн-______ былыр-былыргыттан ырыа гынан ыллыыра,
тойук оҥостон туойара.

         129. Онтуоньум тылы-өһү этигэн оҥорор кыаҕын туһа-
                 нан, ким ордук тупсаҕай этиини толкуйдууругар
                 күрэх.

         130. Тыл-өс, сырдык-хараҥа, үтүө-мөкү күүһэ-күдэҕэ
                 кэмнэммэт-кээмэйдэммэт дьиктилээх-дьиибэлээх.
                 Ону маннык өс хоһооно төһө-хачча көрдөрөр дии
                 саныыгыный? Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа
                 хааннаах.

                         Ситимнээх саҥа

         ТИЭКИСКЭ ЭТИИЛЭРИ СИТИМНИИР НЬЫМАЛАР

 131. «Уһун бэрэмиэнэҕэ» диэн тиэмэҕэ бэриллибит солбуйар
         ааттары туһанан тиэкистэ суруй: онтон, ол эрээри, ол
         кэннэ, ол иһин, ити кэнниттэн.

         132. Аукцион. Ситим тыллары туһанан субуруччу си-
                 тимнээх иккилии этиилээх тиэкистэ оҥор. Ким
                 бүтэһик толкуйдаабыт — ол кыайар.

 133. Ускуопкаҕа турар туохтуурдары сөптөөх ахсааҥҥа, би-
         риэмэҕэ туруоран аах, ханнык ситим буоларын быһаар.

                                         ТУЙМААДА

    Өлүөнэ өрүс саамай улахан хочото Туймаада диэн аат-
танар. Бу Туймаадаҕа уһун тураар ходуһаҕа от өлгөмнүк
үүнэрэ. Көрүөхтэн кэрэ хатыҥ чараҥнар (баар). Бэс
ойуур (дьэндэй).

70
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75