Page 71 - Саха тыла 5 кылаас
P. 71

Сахалар бу хочону таптаан (олохсуй). Сайын маҥан
туос ураһаҕа (олор). Түптэ буруота (унаар). Кымыс сыта
(дыргый). Билигин Туймаада хочотугар Дьокуускай куо-
рат турар. (Л. Афанасьев)

           31 §. Синиэньим (Синоним)

            Омуоньумнар, суолталарынан атын-атыннар эрээ-
       ри, этиллиилэринэн сөп түбэһэллэр, тас көрүҥнэри-
       нэн игирэ курдуктар. Оттон бу тыллар хайдахтарый?

    1. Эһэ, тыатааҕы. 2. Киис, саарба. 3. Доҕор, атас, та-
баарыс. 4. Күүт, көһүт, кэтэс, кэтээ. 5. Бэргэн, табыгас.
6. Дьүдьэх, көтөх, ырыган, иинэҕэс.

           Биир эбэтэр майгыннаһар суолталаах тыллары си-
       ниэньим дэнэр.

           Синиэньим кэккэтигэр биир саҥа чааһа буолар
       тыллар эрэ киирэллэр. Маныаха атын тылы кытта ор-
       дук үгүстүк дьүөрэлэһэр, элбэхтик туттуллар сүрүн-
       нүүр тыл баар буолар. Оннук тыл синиэньим кэккэ-
       тигэр бастакы суруллар.

           Холобур: 1. Хоруйдаа, эппиэттээ, хардар. 2. Бас-
       таа, куот, чорбой, инникилээ. 3. Мэник, мэник-тэ-
       ник, улдьаа. 4. Бастыҥ, чулуу, талыы, талба.

           Тыл үөрэхтээхтэрэ тыл баайын төһө элбэх синиэ-
       ньимнээҕинэн быһаараллар. Саха тыла муҥура суох
       баайа мантан көстөр. Синиэньим кэккэтэ иккиттэн
       уончаҕа да (арыт онтон ордукка да) тиийэр тыллаах
       буолар. Бу кэккэҕэ ханыыласпыт тыл, сомоҕо домох
       эмиэ киирэр.

           Холобур:
           Сыл, дьыл.
           Быыһаа, өрүһүй, абыраа, быыһаа-абыраа, күн
       буол, ый буол.

                                                                                                            71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76