Page 76 - Саха тыла 5 кылаас
P. 76

II. Синиэньим кэккэтиттэн этэр санааҕа ордук сөп түбэһэр
       тылы талан, тиэкиһи ааҕыҥ.

    Кыскыйар тыаллаах кыыдаан кыһын кэлбитэ. (Аан дой-
ду, сир-дойду) халыҥ хаары (саптыбыта, бүрүммүтэ).
Чэрэс (маҥнай, бастаан) утаа саарба кэлиэ диэн (сэ-
рэхэдийэр, куттанар) этэ. Онтон (сыыйа-баайа, улам-
улам) умнан-тэмнэн барбыта.

    Биирдэ тымныы баҕайы күн Чэрэс, хамсанан-имсэ-
нэн (ирэ, иттэ) таарыйа ыраах хаһаастарын (кэрийэн,
көрөн), (уйатыгар, хороонугар) сылайан-сындалыйан
кэлбитэ. Хараҥа буолан эрэрэ. Олбоҕун көбүтэн, уту-
йаары гынан эрдэҕинэ, уйатын (дьөлөҕөһүнэн, үүтүнэн,
хайаҕаһынан) икки уот (сандааран, күндээрэн) көстүбүтэ.
Чэрэс иккис (аанын, халҕанын) (бүөтүн, сабыытын) төлө
тарпыта да, таһырдьа субурус гынан хаалбыта, үөһэ
куһугурайан тахсыбыта. Саарба көхсүгэр хаар (түспүтэ,
тохтубута, таммалаабыта), хатырык бытархайа (түспүтэ,
тохтубута, таммалаабыта). Саарба тииҥи син биир (эк-
кирэтиэ, сырсыа, ситиэ) суоҕун билэн, (сырса, эккирэтэ,
ситэ) да барбатаҕа. (Иван Федосеев)

         141. Бэриллибит синиэньимнэри кэккэлэтэн, этиитэ тол-
                 куйдаа. Тоҕо кэккэлэппиккин матыыптаан быһаар.

    1. Эрэннэр, тылгын биэр. 2. Бытааннык, оргууй аҕай.
3. Улаханнык, доргуччу. 4. Астын, дуоһуй. 5. Соһуй, дол-
гуй. 6. Умсугуй, үлүһүй.

        142. I. Бэлиэтэммит сомоҕо домох суолтатын, этиигэ туох
                 оруоллааҕын быһаар.

    1. Ол Манчаары Бэстэрикиэп малын-баайын кыра-ха-
ра, отчут-масчыт дьоҥҥо түҥэппит сурахтааҕа. Чэ, ол
Бэстэрикиэп кыраттан-дьадаҥыттан халаабыта элбэх буо-

76
   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81