Page 81 - Саха тыла 5 кылаас
P. 81

_____, _____ аайы албан ______. (Аартык, суол; сураҕыр,
аатыр). 3. ______ эҥээрдэнэн, ______ аргыстанан. (Айха-
лы, эҕэрдэни). 4. Аан дойдубутун ______ киһилэниэх-
пит, Күн улууһун ______ ыччаттаныахпыт. (Көмүскүүр,
араҥаччылыыр).

 150. Тиэкискэ хатыланар тылы солбуйарга синиэньими тут-
         туллар. Бэлиэтэммит тылы тоҕоостоох синиэньиминэн
         солбуйан аах.

    Били ааттаан кэлбит сыһыыта ыраахтан эҥэлдьийэн
көһүннэ. Сыһыыга сылгы үөрэ икки-үс сиргэ тоҕуоруспут.
Төһө да утаттар, сэрэххэдийдэ, тугун-хайдаҕын бастаан
билэргэ быһаарынна. Бачча элбэх сылгы бу сыһыыт-
тан тоҕо арахпата? Уу булан иһэр буолан сырыттахтара.
Кыыл ыарҕаны быыһынан сыһыы саҕатыгар киирээт, этэ
саласта. Ыҥыыр аттаах икки киһи баар эбит.

    Туртас эрэйдээх сылгыларга төһө да ымсыырдар,
уулуон баҕардар, куттанара бэрдиттэн дөйбүт курдук
хамсаабакка турда. (Василий Фёдоров)

             34 §. Тиэкис синиэньимэ

           Тиэкискэ биир тылы анал соруга суох хос-хос ха-
       тылыыр салгымтыалаах. Кэпсэнэр сүрүн барымта,
       тыынар тыыннаах аатын, өйдөбүлүн уларыппат, тиэ-
       кис ис хоһоонугар, истиилигэр сөп түбэһэр тылынан
       солбуйар ордук. Оннук солбуйсар тыллары тиэкис
       синиэньимэ дэнэр.

           Тиэкис синиэньимнэрин туспа араардахха, балар
       синиэньимнии суолтатын сүтэрэллэр. Холобур, Дьу-
       лус, уол, эр бэрдэ диэн тыллар тиэкис эйгэтигэр
       синиэньим буолуохтарын син. Ол эрээри синиэньим
       дьиҥ кэккэтин кыайан үөскэппэттэр.

                                                                                                            81
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86