Page 84 - Саха тыла 5 кылаас
P. 84

Хатылааһын

         152. Билиибит төһө иҥмитин билгэлээн-бэрэбиэркэлээн,
                 чиҥэтэр соруктаахпыт. Онон дуоспуруннаахтык
                 тойоннуохха.

           1. Лиэксикэ туһунан таабырыннаһыҥ.

    1. Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох баар үһү. 2. Биир
бэйэм биэс буолуом диэн бэрдимсийээччи баар үһү.
3. Икки сирэйдээх этигэн эрдьигэн баар үһү. 4. Атын ай-
махтан кэлэн, атас-доҕор буолар баар үһү. 5. Сиэттиһэ
сырыттахтарына, ситэри сэниэлэнэр сиэдэрэй сэгэрдэр
бааллар үһү. 6. Тус-туһунан идэлээх игирэлэр бааллар
үһү. 7. Ханыыластахтарына, харсар хааннара хайҕаллаах
хаачыстыбаҕа кубулуйар үһү. 8. Тулалыыр эйгэни туйгун-
нук туоһулуубун диир баар үһү.

           2. Тыл лиэксикэлии уонна кырамаатыкалыы суолталаах
       диэн араарабыт. Ол аата тугунан эмэ уратылаһар буоллахта-
       ра дуу?

           3. Сорох киһи хас да идэлээҕэр-дьоҕурдааҕар дылы, тыл
       элбэх суолталанар. Ити тоҕотун дьиктиргиигин дуо?

           4. Тыл көнө уонна көспүт суолтатын холобурдаан көрдө-
       рүү. Уустаан-ураннаан этэргэ хайата ордук улахан оруоллаах
       буолуон сөбүй?

           5. Тыл көспүт суолтатыттан ханнык ойуулуур-дьүһүннүүр
       ньымалар үөскүүллэрий? Олортон хайатын ордороҕунуй?

           6. Омуоньум, онтуоньум, синиэньим тыл эйгэтинээҕи
       эҥин араас сыһыаны бэлиэтииллэр. Ону бэркиһиибит, сө-
       ҕөбүт. Балар бэйэ-бэйэлэриттэн туох уратылаахтарый? Ити-
       лэрэ суох саҥабыт-иҥэбит, сурукпут-бичикпит хайдах буолуо
       этэй?

84
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89