Page 80 - Саха тыла 5 кылаас
P. 80
сонун — нуомас; сымыйа — сиикэй; айыы дьоно — күн
өркөн ууһа; балык — көмүс хатырыктаах.
147. Дэгэт суолталаах истиил синиэньимэ үксүн намы-
һах истиилгэ туттуллар. Саҥарааччы маннык тыл
көмөтүнэн иэйиитин, сыһыанын хайдах биллэрэрий?
Холобур: албыннас — ньылаҥнас (абааһы көрүү).
Хайҕаа — арбаа (сүөргүлээһин);
уор — куорҕаллаа (сэмэлээһин);
мөлтөх — көлөөк (сиилээһин), о.д.а.
Дэгэт суолталаах истиил синиэньимэ кэпсэтии, уус-
уран уонна публицистика истииллэригэр туттуллар.
148. Дэгэт суолталаах истиил синиэньимин көннөрү ис-
тиили кытта тэҥнээн суолтатын быһаарыҥ. Өйгүт-
тэн этии толкуйдаатаххына эрэ, ити сорук туолар
кыахтаах.
Бодорус — куодарыс; үлүһүй — иир; эт — айахтат;
саҥата суох — ньимиликээн; үҥүс — хобулаа; сыбыы-
таа — орҕоһун; аһаа — хаалан, симин; кучуй — иирт.
33 §. Синиэньими тиэкискэ туттуу
149. Синиэньимнэри дорҕоон дьүөрэлэһиитигэр сөп тү-
бэһиннэрэн, көппүт тыллар оннуларыгар туруоран
уһул.
Xос быһаарыы: уус-уран айымньыга синиэньим хаты-
ланан, ситимнэһэр тылын кытта дорҕооно дьүөрэлэһэн,
иһирэхтик иһиллэн, тыл ордук этигэн буоларыгар бэркэ
көмөлөһөр.
1. ______ кыраайга кыйдаа, ______ омукка уһуутаа.
(Кыыһырбыккын, уордайбыккын). 2. ______ аайы суон
80