Page 77 - Саха тыла 5 кылаас
P. 77
луо. Ону ол төннөрөр, төттөрү өҕүтэр киһи түбэстэҕэ.
2. Чоочо киэбирэн, киһи тэҥэ суох буолан, күннээн
ахан сылдьар. 3. Анараа киһи, дьэ уоскуйан, тыын ылан,
аргыый соҕустук, ол эрээри түһүлгэ дьоно бүтүннүү ис-
тэр гына эттэ: «Манчаары күрээбит... Кэлбит!..» (Софрон
Данилов)
II. Бу тылларга сөптөөх сомоҕо домохтору талан, синиэ-
ньим кэккэтин үөскэт. Икки талбыт кэккэҕин киллэрэн,
этиитэ толкуйдаа.
1. Сөбүлэһэн, . 2. Ыксаата, . 3. Улаатта, . 4. Тэһийбэт, .
5. Сытыы-хотуу, (киһи). 6. Сытыары сымнаҕас, (кыыс).
Сомоҕо домохтор: күөх оту тосту үктээбэт, биир са-
наанан, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит, кута-сүрэ тох-
тообот, барыах-кэлиэх сирин булбата.
143. Куоталаһыы. Дэгэт синиэньимнэр ханыылаһан,
ордук киэҥ өйдөбүлү биэрэллэр. Синиэньимнэртэн
ханыы тылы үөскэтэн, ким урут хомоҕой этии тол-
куйдуур эбитий?
1. Көрдөс, ааттас. 2. Элбэх, үгүс. 3. Кыай, хот. 4. Уйгу,
быйаҥ. 5. Быыһал, абырал. 6. Нарын, намчы. 7. Аатыр,
сураҕыр.
Ийэ тыл хайдах туттулларыгар түгэн (кимниин,
туох туһунан, хайдах, хаһан, ханна кэпсэтэрбит; ситуа-
ция) улаханнык сабыдыаллыыр. Онон тыл араҥатын
туттуллар майгынынан көннөрү уонна кырааскалаах
лиэксикэҕэ араараллар.
Көннөрү лиэксикэҕэ ханнык да хос өйдөбүлэ суох
хайа баҕарар түгэҥҥэ туттуллар судургу тыл киирэр.
Холобур: үлэ, дьиэ, аһаа, кыра.
77