Page 72 - Саха тыла 5 кылаас
P. 72
Сылгы, ат, сүүрүүк, Дьөһөгөй оҕото, миинэр миҥэ,
сыспай сиэллээх.
Күүс, эрчим, сыра-сылба, күүс-күдэх, күүс-уох,
сэниэ-сындаа.
Өһөс, төттөрүлэс, өрөлөс, хадаардас, бөппүрүөк-
тэс, куруубайдас, утарылас, өрө бар, туруулас, бугуй.
134. Синиэньимнэр суолталарын быһаарыҥ. Дьүөрэлэһэр
тылын булан, ситимнээн ааҕыҥ. Синиэньим кэк-
кэтин сүрүннүүр тылын этэн, ханнык саҥа чааһа
буоларын ыйыҥ.
1. Төбө, бас, чөмчөкө. 2. Төбө, орой, уһук, чыпчаал. 3.
Дириҥ, чөҥөрө. 4. Кистээ, саһыар, хорҕот. 5. Дьон, но-
руот, киһи аймах. 6. Биэрэк, кытыл, кытыы.
135. Синиэньими сорох омуоньум суолтатын быһаарарга тут-
таллар. Ол ньыманы туттан омуоньумнар синиэньимнэ-
рин булуҥ.
Ас1 — Сытый1 — Аһый1 —
Ас2 — Сытый2 — Аһый2 —
Ас3 — Көтөх1 — Аһый3 —
Ас4 — Көтөх2 —
136. Синиэньим кэккэтин ситэриҥ.
1. Бүт, _____. 2. Иллэҥ, _____. 3. Сэмэй, _____. 4. Өйүө,
_____. 5. Туһалаах, _____. 6. Үрүмэччи, _____. 7. Тиэргэн,
_____. 8. Кыай, ______. 9. Ыйыталас, _____.
137. Синиэньими күүһүрэн иһэр суолтатынан сааһы-
лааҥ. Холобур: итии, куйаас, сыралҕан.
1. Кыайыы, өрөгөй, кыайыы-хотуу. 2. Бөдөҥ, аарыма,
баараҕай, улахан. 3. Кыыһыр, уордай, абар, кыйахан.
72