Page 67 - Саха тыла 5 кылаас
P. 67

Ас3, туохт. 1. Туох эмэ сабыытын, бүөтүн, хатаа-
       һынын, суутун арый. Ааны ас. Хараххын ас. 2. Кис-
       тэлэҥи аһаҕастык эт, кэпсээ, биллэр. Кистэлэҥмин
       тоҕо астыҥ? 3. Туох эмэ үлэтин саҕалаа. Оскуола-
       ны ас. Мунньаҕы ас. Уоту ас (сэриигэ). 4. Туох эмэ
       саҥаны бул. Хара Үрүйэ быйаҥын аспыт оҕонньор
       ити баар.

           Ас4, туохт. 1. Бэйэҕиттэн тэйитэ үтүрүй. Оҥочону
       ууга ас. Түҥнэри ас. Бүөлүү ас. 2. Кими, тугу эмэ
       тугунан эмэ (хол. уһуктааҕынан) саай, көй. Батары ас.
       Курдары ас. Дьөлө ас. Тугу эмэни туохха эмэ саа-
       йан туруор. Былааҕы ас. Сиргэ ас. 3. (көсп.) Туох эмэ
       ахсааныгар киллэр. Уопсай испииһэккэ ас. 4. Тик.
       Маны сирийэ ас. Оһуор анньар. 5. Дьөлүтэ кэйэн
       ыарый. Ойоҕоһум анньар. Кулгааҕым анньар.

         122. Биир талбыт омуоньум тылгар лиэксикэлии суолта-
                 тын суруй, атыттарын тылгынан этэргэ бэлэмнэн.

    Аһыы, баҕа, өр, көтөх, көс, саас, таай, тимир, утах, уу.

         123. Омуоньум саамай улахан кэккэтин булан, хас
                 биирдии тылын лиэксикэлии суолтатын быһааран
                 дакаастаа. Үһүс бөлөҕү дьиэҕэр ситэр.

    1. Иҥ, сиик, куйаар, кулуһун, кумалаан. 2. Күрэх, ха-
рыс, лиҥкинээ, туут, ос. 3. Сиэл, сүүмэх, таал, көс, аһыы,
хомус.

 124. I. Ааҕыҥ. Омуоньум тыллар суолталарын араарыҥ.

    1. Куйааска сөрүүн утах абырыыр. Хас да утах бииргэ
хатыллан быа буолар. 2. Соркуойбут бүгүн аһыы буол-
бут. Сытыы аһыы килбэҥнээтэ. 3. Коля илиитэ улаханнык
истэ. Дьиэтигэр кэлэн, кини сылаас чэй истэ. 4. Баспыт

                                                                                                            67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72