Page 68 - Саха тыла 5 кылаас
P. 68

уубун сылыта уурдум. Бүгүн мин уубун аанньа хамматым.
5. Быйыл кыстык хаар хойутаан түстэ. Отуу таһыгар кыс-
тык олордор маһы туруордулар.

   II. Көппүт тыл оннугар сөптөөх омуоньуму суруйан, суолталарын
       ыйыҥ.

    1. Манан соторутааҕыта ____ ааспыт. Оҕонньор ____
кичэйэн ойуулаата. 2. Биир атыыр барылаччы ____. Күтүр
баай көмүһүн ____. 3. Биир _____ маста киллэр. _____
көлө ырааҕы барбат. 4. Быйыл сир аһыттан _____ бэр-
кэ үүннэ. Үөһэнэн ______үөрэ ааста. 5. Эбэм быа _____.
Быйыл кураан буолан, от-мас олус _____.

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: хатта, моонньоҕон, кө-
төх, кистээбит, тайах.

         125. Омуоньум хоһоону дьүөрэлээн айарга олус көмө-
                 лөөх. Оҕолоор, маннык үөрэ-дьүөрэ этэргэ холонуҥ.

                 Таптыыбын күөх быйаҥ сааһынан
                 Ньургуһун сибэкки тылларын,
                 Бу тойук маннык саас-сааһынан
                 Суккуллар дьиэрэҥкэй тылларын!

                                                                           (Иван Арбита)

           30 §. Онтуоньум (Антоним)

           Утарыта суолталаах тыллары онтуоньум дэнэр.
       Хас да тыл ханыылаһан суруллар ситимэ онтуоньум
       кэккэтин үөскэтэр. Бу кэккэҕэ биир саҥа чааһа буо-
       лар икки эрэ тыл киирэр. Холобур: уһаа — кылгаа
       (туохтуур), ыраас — кирдээх (даҕааһын аат), дьол —
       сор (аат тыл), үгүс — аҕыйах (ахсаан аат), ыраах —
       чугас (сыһыат).

68
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73