Page 65 - Саха тыла 5 кылаас
P. 65
Кырса, саһыл кыбыныылаах,
Чулуу саарба тутуурдаах,
Хотугу кыраай булчута,
Холкуос кыыһа Долгунча.
(Күннүк Уурастыырап)
2. Мааны мастар,
Маҥан мастар,
Хоҥкуй-нуоҕай хатыҥнар.
Хопто мастар,
Холууп мастар,
Үҥкүүһүт хатыҥнар.
(Бүөтүр Тобуруокап)
II. Эпиитэти туттан-туһанан, этиитэ толкуйдаа. Бэйэҕиттэн холо-
бурдаа.
Арылыйар сырдык (күн), күөх унаар (буруо), нуолур
солко (мутукча), туруу дьаҕыл (дойду), күн күбэй (ийэ),
ойор күннээх (оҕо саас).
Тыыммат барамайы тыынар тыыннаах курдук хоһу-
йууну тыыннааҕымсытыы дэнэр. Маннык албаһы
тутуннахха, тугу этэрбит киһиэхэ ордук тиийимтиэ,
истиҥ-иһирэх буолар, уруулуу курдук өйдөнөр.
120. Дьоһун сорудаҕы толорорго турун.
I. Тыыннааҕымсытыы холобурун булан, тоҕо туттуллубутун бы-
һаар.
Харыйа ойуур налыйда. Тымныы туман дьайҕаран,
Халыҥ хаарга утуйда. Хал- Сааскы халлаан мичээрдэ.
дьаайыларга хатыҥнар Са- (Эллэй)
йыннарын түһүүллэр.
65