Page 61 - Саха тыла 5 кылаас
P. 61
тан бырдахтан-күлүмэнтэн быыһанара. Дьон саанан ыт-
таҕына, буулдьа куобах кутуругун түүтүн хоппокко, бөтөн
хаалара.
114. Этиини ситимниир араас ньыманы туһанан, иккис этии-
ни салҕаан суруйуҥ.
1. Убайым биир кэлим эксээмэни ситиһиилээхтик тут-
таран, орто оскуоланы бүтэрдэ. Кини ... 2. Ыам ыйын
9 күнэ. Быйыл ... 3. Ыһыахха дьон-сэргэ бөҕө мустар.
Бары ... 4. Үчүгэй Үөдүйээн бултуу-алтыы барбыт. Онтон
... 5. Бу биһиги оскуолабыт. Манна ... 6. Халдьаайыга тоҥ
буору тобулан ньургуһун быкпыт. Суруйааччылар ...
28 §. Тыл көспүт суолтатын
саҥарар саҥаҕа туттуу
Саха тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх,
сир симэҕин курдук сиэдэрэй.
Амма Аччыгыйа
Тыл көспүт суолтата, кэпсэтии тылыгар киһи
барыта өйдүүр, олохсуйбут буоллаҕына, туттуллар.
Тылы көспүт суолтаҕа туттарын киһи саҥарарыгар
эрдэттэн толкуйдаабат. Xолобур: үрдүк үүнүү, көх-
сүм кэҥээтэ, этим умайар.
Тыл көспүт суолтата уус-уран айымньыга уустаан-
ураннаан, хоһуйан этэргэ туттуллар. Суруйааччы тыл
көспүт суолтатыгар олоҕуран, араас уус-уран ойуу-
луур-дьүһүннүүр ньыманы үөскэтэр. Холобур: тэҥ-
нээһин, мэтээпэрэ, эпиитэт, тыыннааҕымсытыы,
о.д.а. Кини үксүгэр бэйэтэ толкуйдаан, айан, тыл
саҥа хоһуйар суолтатын булар. Суруйааччы дьоҕура-
талаана тылы төһө айымньылаахтык туттарынан сыа-
наланар, ааҕааччыга суолталанар, биһирэнэр.
61