Page 66 - Саха тыла 5 кылаас
P. 66

Мастар маҥан саҕынньахтарын кэтэннэр, хамсаабакка
таалан тураллар. Болбукта, ыарҕа бөлкөйдөрө нэк суор-
ҕаны бүрүнэн нухарыйан сыталлар. (Николай Тарабукин)

   II. Тыыннааҕымсытыы холобурун туттан, этиитэ толкуйдаа. Бэ-
       йэҕиттэн да холобурдаа.

    Көлүччэ мичээрдиир, күөҕүнэн көрсүһэр сайылыкпыт,
айылҕа уһугунна, миигин күүтэр хатыҥым, алгыһынан
айхаллыыр алааһым.

            29 §. Омуоньум (Омоним)

         121. Аллара бэриллэр түөрт тыл лиэксикэлии суолта-
                 тын быһаар.

       Тайах, хаас, моонньоҕон, саас.

           Тус-туһунан өйдөбүллээх эрээри, биирдик этиллэр
       тыллары омуоньум дэнэр. Хас да түбэһиэх тыл биир-
       дик иһиллэриттэн үөскүүр. Онон араас саҥа чааһа
       буолар тыллар эмиэ бу кэккэҕэ киирэллэр.

           Х о с б ы һ а а р ы ы: Элбэх суолталаах тыл тыл-
       дьыкка биирдэ киирэр. Оттон омуоньум кэккэтин хас
       биирдии тыла туруору кэккэнэн тус-туспа суруллар.
       Онуоха үөһэ уҥа өттүнэн сыыппаранан бэлиэтииллэр.
       Холобур:

           Ас1, аат. 1. Киһиэхэ аһылык буолар туох эмэ. Ос-
       туолга ас хоточчу тардыллыбыт. Ас маҕаһыына. 2. Ки
       һи сиир үүнээйитин сиппит үөскэҕэ, туорааҕа. Бур-
       дук ас куппут. Оҕурсубут саҥардыы ас биэрэн эрэр.
       3. Көсп. Туһа, көдьүүс. Мантан ас тахсыа суоҕа. 4. Ал-
       дьархайтан ас тахсар (өс хоһ.).

           Ас2, аат. Киһи баттаҕа, баттах. Чанчыгын аһа. Кэ-
       тэҕин аһа. Уһун астаах кыыс.

66
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71