Page 75 - Саха тыла 5 кылаас
P. 75
II. Бэлиэтэммит тылы тоҕоостоох синиэньиминэн солбуйуҥ.
1. Мин улааттахпына воспитатель, оттон дьүөгэм бор-
тунуой буолуохпутун баҕарабыт. 2. Ньургуйаана Зинаи-
да Егоровнаны эҕэрдэлээри, Медик күнүн олус күүтэр.
3. Биэрэккэ тиксэрбит, хата, чугаһаата. 4. Тойбохой-
дооҕу батааньыка саадыгар хара хаптаҕас арааһа үүнэр.
5. Быйыл күһүн Өлүөнэ илиҥҥи эҥээригэр табысхаан
элбиэх быһыылаах. 6. Стёпа күнүс эһэтигэр от мунньан
көмөлөһөр, киэһэлик ойуурга мурукуну бултаһар.
Майгыннаһар, биирдиҥи соҕус суолталаах тыллар
дэгэт синиэньим буолаллар. Дэгэт синиэньимтэн
өйдөбүлү, санааны ордук чопчу быһаарар тылы талан
эбэтэр ханыылаан да, кэккэлэтэн сэргэ да туттуллар.
Барамай, өйдөбүл, санаа эгэлгэ дэгэтин биэрии —
синиэньим сүрүн анала.
Холобур: Манна кинилэр көҥүл-босхо бараллар,
кинилэр манна төһө баҕарар айдаараллара син, күл-
сэллэрэ, ыллыыллара-туойаллара син — ким даҕа-
ны буойбат, ким даҕаны мөхпөт. (Софрон Данилов)
140. I. Дэгэт синиэньимнэр майгыннаһар уонна уратылаһар
суолталарын быһаарыҥ. Дьүөрэлэһэр тылларын кытта
ситимнээҥ.
1. Эрэннэр, тылгын биэр, андаҕай; 2. Аһый, бөлөнүй;
3. Атаар, тириэрт; 4. Көрүс, тоһуй; 5. Сааһылаа, дьаа-
рыстаа, наардаа; 6. Сииктээх, силбиктээх, сыырастаах;
7. Тоҥсуй, лигий, лиһиргэт; 8. Ыраас, чэнчис.
75