Page 78 - Саха тыла 5 кылаас
P. 78
Кырааскалаах лиэксикэ өйдөбүлү намтатар эбэтэр
үрдэтэр сэмсэ суолталаах, бэйэтэ туттуллар тү-
гэннээх тыл буолар. Холобур, дьиэни дьиэ диэбэк-
кэ, арыт атыннык этиэхпитин сөп: ыыспа (намтатар),
уораҕай (үрдэтэр).
Итинник араарыыга тирэҕирэн, истиил синиэ-
ньимин өйдөбүлэ үөскүүр: көннөрү истиил (дьиэ),
намыһах истиил (ыыспа), үрдүк истиил (уораҕай).
Исхиэмэни көр:
Лиэксикэ
дьиэ, ыыспа, уораҕай
Көннөрү лиэксикэ Кырааскалаах лиэксикэ
дьиэ ыыспа, уораҕай
Көннөрү истиил Намыһах истиил Үрдүк истиил
дьиэ ыыспа уораҕай
144. Сорудаҕы толоруҥ.
I. Бэриллибит тыллары көннөрү истиил, намыһах истиил
диэн арааран быһаар.
1. Айдаан, моргуор. 2. Батар, атыылаа. 3. Эбэ, баабыс-
ка. 4. Быстах, бириэмэннэй. 5. Бүтэһик, бэстилиэнэй.
II. Көннөрү истиил — намыһах истиил синиэньимнэриттэн
сөп түбэһэрин талан, этиини уһул.
1. Быйыл сайын Күннэй эбэтин аахха тахсан, (буолунай,
элбэх) сир аһын хомуйан ийэтин үөртэ. 2. «Төрдүс нүө-
мэрдээх сүүрүүк (бэриэт, бастаан) иһэр», — диэн судьуйа
саҥата иһилиннэ. 3. Сайыына титииктэн ыаммыт үүтүн
аҕалан, аргыый аҕай (ииҥҥэ, умуһахха) түһэрдэ. 4. Ньур-
78