Page 83 - Саха тыла 5 кылаас
P. 83
тэҥэ буолуохтарын сөп. Ону суруйааччы сатабыллаахтык
туттар. Кини тоҕо итинник солбуйарын интэриэһиргиэх-
хэ. Ааптар тиэкиһэ кылгаата, кыратык уларыйда.
III. Сур соноҕос, сэргэ төрдүгэр быыппаста түһээт,
эмискэччи ыстанар. — Көр, бу атаҕынан үчүгэй аҕай буо-
луох бэдик эбит дии. — Сиэллэҕинэ, балтараалыы ыллар
харыһы хардарар. — Хардарыан сөп үүсээҥи эбит! —
диир Бүүчээн оҕонньор. — Түөһэ эттээх, моонньо сэтэ-
лээх, күүһүнэн да... — Син титир курдук ат буолаарай
диэн сылдьабын, кыраҕа ымыттыбат, доҕор! — Ымыр
да гымматыгар сөп түөкүн эбит! Бука, күннүктээх соҕус
баранаак буолар эрэ ханнык... — Дьэ, уҥааҕа суоҕунан
баҕас эрэбил киһи буолара чахчы. — Чэ, үчүгэйдик олор
эрэ, оҕонньор. Бу сүөһүбүт көҥүскэ киллэрэн ыһан да
кэбистэҕинэ көҥүлэ.
Соноҕос тоҥуу хаарынан сүүрэн бурҕачыйда. (Амма
Аччыгыйа)
Хос быһаарыы: Тиэкискэ сомоҕо домох буолбут мэтээ-
пэрэ (түүлээх — сымнаҕас көмүс; киһи — икки атах-
таах) синиэньиминэн ааҕыллар. Араас айымньыттан
ылыллыбыт этиигэ бэлиэтэнэр итинник мэтээпэрэни көн-
нөрү тылынан солбуйабыт.
IV. 1. Мин ийэм бэдэр мэйии эрэйдээх этэ. 2. Ар-
гыһах, сир быта, итини билэр. 3. Айах адаҕата, буоһах
бохсуута эмиэ туох быатыгар кэлэн буулаабытын туһунан
эппитэ. 4. Сытыы кылыс өс хоһооннорунан, тыл дэгэттэ-
ринэн икки атахтаах араас дьиэктэрин курбуулаталыыр.
5. Улар мэйии! Ити ханна бардаҕым диэн барбыт дьүһү-
нэ буолуой? 6. Балтым, Айталы Куону, көстө көтүттүм,
тумаҥҥа муннум, хаарга хаамтым, сииккэ сиэллим.
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: көдьүүһэ суох иитил-
лээччи; саҥата-иҥэтэ суох, көрсүө киһи; акаары; туһа-
та суохха, кураанахха сырытта, эрэйдэннэ; өйдөөх;
киһи аймах.
83