Page 86 - Саха тыла 5 кылаас
P. 86
154. Урууну-аймаҕы чуолкай билэр олоххо-дьаһахха олус
туһалаах. Ону өйдөөн, уруурҕаһыы сорох суолта-
тын ситэр.
1. Абаҕа — . 2. Таай — . 3. Бии — . 4. Ини — .
5. Сиэн — . 6. Саҥас — . 7. Кийиит — . 8. Биллэх — .
9. Түҥүр — . 10. Ходоҕой — .
Ситимнээх саҥа
ТИЭКИСКЭ ЭТИИЛЭРИ СИТИМНИИР НЬЫМА
155. Тиэкиһи аах. Туох итэҕэс баар дии санаатыҥ? Көннөрөн
уһул.
1. Мин кыра эрдэхпинэ дьонум биир туруйаны булан
ииппиттэрэ. 2. Туруйа кырата бэрт буолан таайбыттан
куоппатах. 3. Ол маннык этэ. 4. Кини тутан ылан суумка-
тыгар уктан, дьиэтигэр аҕалбыт. 5. Таайым Уйбаан үлэ-
лии сылдьан туруйа оҕотун булбут. 6. Чугаһаатаргын эрэ
куотан хаалара. 7. Онтон улам үөрэнэн, аһатар киһитит-
тэн куоппат буолан барбыта. 8. Туруйаны дьиэ иһигэр
ыытан кэбиспитигэр, чуубугуруу-чуубугуруу тула сүүр-
бүтэ, тахсар сир көрдүүр быһыылааҕа. 9. Маҥнай утаа
киһиттэн олус куттанара. (Д. Иванов «Туруйа»)
156. Остуоруйа тылын-өһүн тутуһан аахпыттан суру-
йуҥ, тиэкискэ этии ситимнэһэр ньыматын хайдах
туһаммыккытын кэтээн көрүҥ.
КӨТӨРДӨР МУННЬАХТАРА
Былыыр-былыр көтөр бииһин ууһа бука бары кыстыыл-
лар үһү. Бу дойду тымныыта-хаара бэрт буолан, тоҥон
өлө сыһан, кыһыны нэһиилэ туорууллар эбит.
86