Page 91 - Саха тыла 5 кылаас
P. 91
159. Аах. Бэлиэтэммит этии арааһын ыйыҥ. Оруолунан
ааҕыҥ.
Маҥнайгы хаар үллүктүү түстэ. Маҥан куобах ыраа-
һыйаҕа ыстаҥалаата. Онуоха уун-утары бөрө көрсө түһэр.
— Куобах түөкүн, кэс тылгын тоҕо кэстиҥ?
Куобах эрэйдээх олус куттанна, уҥуоҕа халыгырыы-ха-
лыгырыы утары ыйытар:
— Ха... хаһан тыл... тылбын биэрбиппиний?
— Бай, оттон мин саас эйигин күһүҥҥэ диэри уойа
түстүн диэн сиэбэккэ ыыппатаҕым дуо? Эн манна бэйэҥ
кэлиэх буолбутуҥ дии. Уонна кэлэҥҥин албынныы ту-
раҕын!
— Тугу-тугу туойарыҥ буолла? Эйигин мин букатын
да көрбөтөҕүм.
— Өссө да албынныы тураҕын дуо? Оннук буоллаҕына
сибилигин сиибин! (Остуоруйаттан)
160. Этиилэри табатык интэнээссийэлээн аах. Ыйытыы этии-
гэ ыйытар тылы бэлиэтээн этиллэр. Соруйуу этии сору-
дах биэрэр, сүбэлиир, көрдөһөр куолаһынан саҥарыл-
лар. Сурук бэлиэтинэн сирдэтэр эмиэ көмөлөөх.
Ойуурап хоһун аанын хатыы турар эбит. — Аа-а, Чыы-
чаахап! Кэллиҥ дуу? Үчүгэй! — диэтэ кини Томмоту
көрөн. — Миэхэ ыксал наадаҥ суох ини? Оччоҕо сарсын
сарсыарда кэлээр. Сөп дуо?
Таһырдьа бииргэ таҕыстылар. — Кэпсэтэрдээх
этим... — Томмот мух-мах буолан ботугураата. — Биир
суолу... — Уһун соҕус кэпсэтии дуу? — Соччо уһуна суох
да... — Чэ, миэхэ барыах. Ычча, бачча тымныыга таһыр-
дьа сэлэһэ туруохпут дуо? (Софрон Данилов)
91