Page 94 - Саха тыла 5 кылаас
P. 94
киниттэн тутулуктааҕа баһылатар тыл буолар. Ыйы-
тыы баһылыыр тылтан бэриллэр.
Ханнык? Ханна?
Саҥа оскуола. Оскуолаҕа барда.
166. Үөһээ холобурга олоҕуран тутаах уонна баһылатар тыл-
лары оҥкул (исхиэмэ) оҥорон, ыйытыытын туруор.
Кыһыл былаах, биэс оҕо, үчүгэйдик аах, чуолкайдык
суруйда, уута бас, оскуолаҕар бар.
167. Этиини тыл ситиминэн араар. Тутаах тылы анаан
бэлиэтээ.
1. Күөрэгэй аҕатыгар үс манньыаты биэрдэ. 2. Олоо
арыылаах хааһыны сиэтэ. 3. Түүн кутуйахтар хотонтон
таҕыстылар. (Тимофей Сметанин)
168. Ойууларга көстөр суолу — туох буола турарын (хайаа-
һыны) иккилии тылынан быһаарыҥ.
169. Бу тыллары тыл ситимигэр киллэр.
Толоруу холобура: уруокпун ааҕабын, дьол ырыата.
Аах, буочар, аҕал, оҥор, суруй, кэпсээ, ырыа, хоһоон.
94