Page 99 - Саха тыла 5 кылаас
P. 99
177. Күрэх. Тэнийбэтэх этиигэ ким элбэх ойоҕос чилиэ-
ни эбэн, ордук тэнитэр эбитий?
1. Күһүн ааста. 2. Күн кылгаата. 3. Хаар түстэ. 4. Хал-
лаан тымныйда.
178. Холкутук аах. Этии тутаах чилиэнин булан арааһын эт.
Эмискэ буурҕа түспүт. Биичэ хайа диэки барыахтаа-
ҕын билбэтэх. Ол да буоллар кини сэрэйэн мээнэ бар-
быт. Буурҕа тохтооботох. Оҕо сылайбыт. Мунан күүһэ
эстибит. (Суорун Омоллоон)
179. Санааҕытын сайыннаран, тэнитэн этиҥ. Оскуола-
ҕыт уонна кылааскыт туһунан икки тэнийбэтэх
этиитэ суруйуҥ. Иккилии-үстүү ойоҕос чилиэнин
эбэн этиигитин тэнитиҥ.
Этии ойоҕос чилиэнэ
39 §. Быһаарыы
180. Бэлиэтэммит тылларга ханнык ыйытыыны туруо-
руохха сөбүй?
Былыттаах күн буолла. Саҥа хаһыат ханнаный? Бэ-
һис уруок саҕаланна.
Туһаантан уонна кэпсиирэттэн ураты этии чилиэнэ
ойоҕос чилиэн диэн ааттанар. Бу чилиэн тутаах чи-
лиэни ситэрэн-хоторон биэрэр. Онон этии ис хоһоо-
нун байытар. Ойоҕос чилиэн үс араастаах.
Барымта бэлиэтин көрдөрөр этии ойоҕос чилиэнин
быһаарыы дэнэр. Ханнык? Хас? Хаһыс? диэн ыйы-
тыыга хоруйдуур. Быһаарыы этиини уус-уран гынар.
99