Page 101 - Саха тыла 5 кылаас
P. 101

185. Бэлиэтэммит тыллар быһаарыыларын булуҥ.

    Бастакы көрбүт улара көстөөх сиртэн көтөн хаалбыта.
Арай үһүс күнүгэр биир уулаах дулҕа быыһыттан биир
атыыр чөркөйү өлөрбүтэ. Ол онтон урут буур тайаҕы
бултаабытынааҕар ордук үөрбүтэ. Улаханнык бултуйбут
киһи киэһэ үөрэн-көтөн үүтээн дьиэтигэр киирбитигэр
эһэтэ ыйыта тоһуйбута:

    — Хайа хайдаххыный? Улуу булчуппун дэнииһигин дуо?
Куобах өлөрбүт булчут туохтан үөрбүтүн өйдөөтүҥ дуо?
(Далан)

                       40 §. Толоруу

           Төрүт түһүктэн ураты ойоҕос түһүктэр ыйытыы-
       ларыгар хоруйдуур уонна предмети бэлиэтиир этии
       ойоҕос чилиэнэ толоруу диэн ааттанар.

    Бу садаачаны таба суоттаатым. Тугу суоттаатым?
Садаачаны (толоруу). Бу кинигэни ааҕабын. Тугу ааҕа-
бын? Кинигэни (толоруу).

 186. Тутаах чилиэннэри, толорууну уонна быһаарыыны бол-
         дьох бэлиэлэринэн анныларынан тардыҥ.
         Толоруу холобура: Мин бибилэтиэкэттэн саҥа кини-
         гэни уларсан ааҕааччыбын.

    1. Оҕолор Гориктыын оонньоотулар. 2. Иван Ивано-
вич Мишаны көтөхтө. 3. Кини хартыыналардаах кинигэни
көрдө. 4. Анна Сергеевна улахан оҕотугар эттэ. 5. Маша
кыра мээчиги үөһэ бырахта. 6. Горик ол мээчиги хабан
ылла. (Амма Аччыгыйа)

                                                                                                          101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106