Page 100 - Саха тыла 5 кылаас
P. 100
181. Устуҥ. Быһаарыыны долгун сурааһынынан тардыҥ. То-
лоруу холобура: Кыра балтым оҕо саадыгар сылдьар.
I. Туундараҕа баараҕай мас үүммэт. Кыһын күүстээх
тыал түһэр. Тыал улахан маһы охторуон сөп. Хотугу сир
тыйыс айылҕатыгар намыһах синньигэс мас үүнэр. Арай
үрэх кытыытыгар үрдүк талах үүнэр.
II. Оһол-төрүөт төрдө Оноҕочоон Чоохоон икки баай
ыаллаах. Баай Хара Хаан диэн уонна биэс бөрө уолат-
тардаах удаҕан. Биирдэ Оноҕочоон Чоохоон Олоон-До-
лоон диэн үһүс ыалыгар барбыт.
182. Бэриллибит тыл ситимин тирэх гынан, түөрт этиини
суруй. Этии тутаах чилиэнин уонна быһаарыыны ан-
нынан тарт.
Күһүҥҥү күн, тымныы тыал, күүстээх үлэ, көрдөөх кү-
лүү.
183. Бу тылларга иккилии быһаарыыта эбиҥ.
Толоруу холобура: Күһүҥҥү хараҥа түүн.
Оскуола, күрэхтэһии, миэстэ, түмүк.
184. Устуҥ. Быһаарыыны аннынан тардыҥ.
1. Арай сибэккиттэн сүрдээх үчүгэй дьүһүннээх үрү-
мэччи көппүтэ. 2. Моҕотой хараҥа ойуур иһигэр киирэн
эмиэ сүтэн хаалта. 3. Улахан ыттар тугу да булбакка,
маһы үрдүнэн көтүөккэлии сылдьыбыттар. 4. Хата, кыра
ыттара биир куобаҕы урут туппут. 5. Куобах сарылаабыт.
6. Ону улахан ыттар истэ охсон, сүүрэн кэлэн, кыра ыт-
тан былдьаан ылбыттар. (Суорун Омоллоон)
100