Page 103 - Саха тыла 5 кылаас
P. 103
3. Буукубаттан тыл таһаарар
Муудараһын булбутум.
(Күннүк Уурастыырап)
41 §. Сиһилии
191. Бэлиэтэммит тылга ыйытыыта туруор.
1. Массыына оскуола аттыгар тохтоото. 2. Дириэктэр
куораттан бүгүн кэллэ. 3. Субуотунньук дьоно тыаҕа
үлэлии тыраахтарынан таҕыстылар. 4. Биһиги сорохтор
киэһэ тыанан быһа төнүннүбүт.
Хаһан? Ханна? Хантан? Ханан? Хайдах? Тоҕо? диэн
ыйытыыга хоруйдуур этии ойоҕос чилиэнэ сиһилии
дэнэр. Бу чилиэн кэпсиирэлиин сыһыаннаһар, ситим-
нэһэр.
Сиһилии хайааһын кэмин, миэстэтин (сирин), хай-
дах оҥоһулларын уонна төрүөтүн көрдөрөр.
192. Уһул. Сиһилиини аннынан болдьох бэлиэнэн тарт.
1. Бүгүн тыраахтар алааска от тиэйэ барда. 2. Пиэр-
мэҕэ уу турбанан үчүгэйдик кэлэр. 3. Оҕолор өрөбүл аайы
кырдьаҕас ыалларга көмөлөһөллөр. 4. Бу сарсыарда киһи
ыытан, улууска тыллатаары санаммытым. 5. Доҕордуулар
биирдэ бэрт кыраттан соһумардык, наһаа омуннаахтык
этистилэр. 6. Киһи дьон-норуот дьолугар төрүүр.
103