Page 106 - Саха тыла 5 кылаас
P. 106
олороллор. Чыычаахтар сир үрдүгэр уйа оҥостоллор.
Оттон үөһэ чаччыгыныардар талахха, үөккэ уйа туттал-
лар. Итинтэн үөһэ кумалааҥҥа тоҥсоҕойдор, киргиллэр,
чычып-чааптар, мэкчиргэлэр олороллор. Саамай үөһэ
кырбыйдар, кыыртар, боруллуолар, хотойдор уйаланал-
лар. Дьэ, ити курдук хас биирдии көтөр, кыыл бэйэтэ
олохсуйар мэндиэмэннээх буолар. (Михаил Пришвин)
200. Үөрэнээччи суруйбут тиэкиһин аах. Тиэмэттэн туо-
рааһын баар дуо?
МИН УУЛУССАМ
Ханнык баҕарар куорат, бөһүөлэк элбэх уулуссалаах
буолар. Оттон хас биирдии киһиэхэ — олорор уулуссата
ордук күндү, чугас.
Мин олорор уулуссам Максим Аммосов аатын сүгэр.
Биһиги манна уонча сыллааҕыта, кыра эрдэхпинэ, көһөн
кэлбиппит. Ол иннинэ тыаҕа эһэм ааҕы кытта олорбуп-
пут. Мин эһэлээх эбэбин билигин да олус ахтабын. Ки-
нилэргэ сайын аайы сынньана, көмөлөһө барабын. Эһэ-
бин кытта оттоһобун. Эбэбэр көмөлөһөн, дьиэҕэ-уокка
сорук-боллур буолабын, ардыгар иккиэн отоннооччубут.
Биһиги уулуссабытыгар үөрэнэр оскуолам, кулууп, от-
тон эмтиэкэ (аптека) атын уулуссаҕа, биһигиттэн тэйиччи,
тураллар. Онон ыарыйдаххына, көрдөрөөрү, эмп ылаары
ыраах барарга тиийэҕин.
Мин уулуссабар күөх үүнээйи аҕыйах. Арай оскуола,
буоста таһыгар эрэ бэс, харыйа, хатыҥ онно-манна үүнэн
тураллар. Ол иһин дьоҥҥо барытыгар олорор дьиэҕит,
үлэлиир тэрилтэҕит таһыгар араас маһы, сибэккини үүн-
нэриҥ диэн сүбэлиэхпин баҕарабын. Оччоҕо олорор
уулуссабыт күөҕүнэн чэлгийэ туруо этэ.
Мин олорор уулуссабын таптыыбын. Уулуссам тупса-
киэркэйэ туруон баҕарабын.
106