Page 110 - Саха тыла 5 кылаас
P. 110
209. Аах. Тэҥнэнэр этиилэр туох атыннаахтарын бы-
һаар. Саҥарарга тохтобул (пауза) уонна соппутуой
сөп түбэһэллэр дуо?
1. Дьөгүөрдээн саатын 1. Дьөгүөрдээн саатын
сотор, оҕунуохтуур, иитэр. сотор, оҕунуохтуур уонна
иитэр.
2. Эмээхсин бэрт элбэх
остуоруйаны, таабырыны, 2. Эмээхсин бэрт элбэх
чабырҕаҕы билэр. остуоруйаны, таабырыны
уонна чабырҕаҕы билэр.
(Амма Аччыгыйа)
210. Бэриллибит тыллары араас биир уустаах чилиэн оҥо-
рон, этиилэрдэ суруй.
1. Дьокуускай Мииринэй Алдан. 2. Кэпсээн ырыа хо-
һоон. 3. Хаһыат сурунаал. 4. Оскуола балыыһа маҕаһыын.
211. Болдьох бэлиэни тутуһан, биир уустаах чилиэн-
нээх этиилэрдэ айан суруй.
1. _._._._ , _._._._ , _._._._ . 2. _._._._ , уонна
. 3. _._._._ , уонна .
212. Биир уустаах чилиэннэри бул. Анал бэлиэнэн тардан
көрдөр.
1. Мас холбукатыттан «дорообо» чэйи, хас да арсыын
таҥаһы таһааран үөрдүбүтэ. 2. Бу сырдык, сылаас саас-
кы күн күлүбүрүү көтөн таҕыста. 3. Оҕотун ньилбэгэр кө-
төҕөн олорон аһаата, онтон утуйар хоһугар киирдэ уон-
на остуоруйа кэпсээтэ. 4. Хоһун кыргыттара, атын да
бастыҥ устудьуоннар, хата, билиэккэ тииһиммиттэрэ.
5. Дьиэ иһэ ас-үөл дыргыл сытынан уонна күө-дьаа са-
ҥанан туолла. (Егор Неймохов)
110