Page 115 - Саха тыла 5 кылаас
P. 115
Ситимнээх саҥа
ТИЭКИС ТИЭМЭТЭ
Хайа да ааптар тиэмэ ис хоһоонун төһө кыалла-
рынан, киэҥник, интэриэһинэйдик, сонуннук көрдөрөр
баҕалаах. Ол туһугар маннык үлэлиэн сөп:
1. Бу тиэмэҕэ туох киириэн сөбүн толкуйдуур. Тол-
куйдаабакка эрэ, санаан кэлбити барытын суруйа тур-
дахха, тиэкис ис хоһооно аатыгар, тиэмэтигэр сөп тү-
бэспэт буолан хаалыан сөп.
2. Наада буолуох матырыйаалы хомуйар, мунньар.
Холобур, тиэмэҕэ сөптөөх дьүөрэ хоһоону талар, уус-
уран ойуулааһыны, үчүгэй тэҥнээһини булан устар,
о.д.а. бэлиэтэнэр. Улахан, ыарахан тиэмэҕэ матыры-
йаалы бэрт өр хомуйаллар, анаан-минээн хасыһан
көрдүүллэр, араас кинигэни ааҕаллар.
3. Муспут матырыйаалын ырытар, хос-хос этиллэр
буоллаҕына, хайата ордугун талар, сороҕун холбуур,
көҕүрэтэр. Холобур, хас да хоһоонтон биир ордук дии
саныырын ылар, онтон сорох күпүлүөтүн кылгатар.
4. Талбыт матырыйаалын сааһылыыр, бастаан туох-
тан саҕалыырын, онтон салгыы туох туһунан этэрин,
тиэкис тугунан бүтэрин быһаарар. Онно тиэкис саҕа-
ланыыта уонна түмүгэ кылгас, чуолкай, онтон ортоку
өттө ордук киэҥ буолар.
5. Салгыы тиэкиһи налыччы олорон суруйар. Тиэкис
төһө улахан буолара тиэмэтиттэн, киһи төһө элбэх ма-
тырыйаалы булбутуттан, төһө бириэмэ үлэлиириттэн
тутулуктаах.
6. Суруйбут тиэкиһин бытааннык, сирийэн ааҕар, ис
хоһоонун сыаналыыр, тугу эбэн-көҕүрэтэн биэриэххэ
сөбүн толкуйдуур. Алҕас түспүт буоллаҕына, көннөрөр.
Бу аата үлэ харата (черновик) буолар.
7. Дьэ барыта ситтэ-хотто дии санаатаҕына, үлэни
үрүҥэр (беловикка) таһаарар.
Тиэмэ ис хоһоонун арыйарга элбэх билии, сатабыл,
толкуй, тулуур наада.
115