Page 120 - Саха тыла 5 кылаас
P. 120
232. Судургу этиини салҕаан, холбуу этиитэ оҥор. Тутаах чи-
лиэни бэлиэтээ.
1. Мин бэһис кылааска үөрэнэбин...
2. Кыра балтым быйыл оҕо саадыгар сылдьар...
3. Субуота киэһэ оскуолаҕа оонньуу буолар...
233. Төһө билэрбитин тургутуу. Судургу уонна холбуу
этиилэри тэҥнээҥ.
I. Өс хоһоонун ситэриҥ.
1. Саҥа дорҕоонноох ... 2. Сыҥааҕыҥ сыаланнын ...
3. Сүппүт көстүбэт ... 4. Аска аҕыйах үчүгэй ... 5. Ырыа
курдук ыпсар ... 6. Сэһэн сиэрдээх ...
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: тимирбит күөрэйбэт;
айаҕыҥ арыыланнын; олоҥхо олохтоох; тойук курдук туп-
сар; өс хоһооно киэргэллээх; үлэҕэ үгүс үчүгэй.
II. Таабырыны ситэриҥ.
1. Кулуна тэбэр да тэбэр .... 2. Кытаанах да таас буол-
батах ... 3. Убайа куотар ... 4. Хатылы кыыһа хаар дьиэ-
лээх ... 5. Алтан солуур тимирэр ... 6. Маҥан биэлэр
өлөрсөллөрүн ...
45 §. Сирэй саҥа
А а п т а р т ы л а: С и р э й с а ҥ а:
Семён Петрович «Эн ийэ тылгын төһө күүһүҥ,
Данилов суруйбута: кыаҕыҥ тиийэринэн байыт,
тупсар, харыстаа».
Ким эмэ этиитэ уларытыыта суох бэриллибитэ си-
рэй саҥа диэн ааттанар.
120