Page 122 - Саха тыла 5 кылаас
P. 122
236. Сирэй саҥаны ааптар тылыттан сурук бэлиэтинэн
араар.
1. Кыыс Хаардьыт Бэргэҥҥэ ытыы-ытыы эппит миэхэ
тоҕо кэллиҥ. 2. Киэр гын бу дьахтары диэтэ кийиитим
Чоочугур Чуоҕур ата. 3. Ханнык дьүһүннээх аты аттанан
кэлбиккиний диэбит оҕонньор. 4. Эһиги билигин үһүө
буоллугут диир дьадаҥы киһи хотуннаах тойоҥҥо биир
хааһы биэрэ-биэрэ. 5. Икки хааһы бэйэтэ кыбынан баран
этэр биһиги даҕаны үһүө буоллубут. (Остуоруйалартан)
237. Сирэй саҥаны бэйэттэн эбэн суруйуҥ, ону сурук бэлиэ-
тинэн туоһулааҥ.
1. Учуутал ыйытта______. 2. ______ диэн бэҕэһээ кы-
лааспыт салайааччыта эппитэ. 3. Сарсыарда оскуолаҕа
барарбар ийэм санатта______. 4. ______ диэтэ көрсүһүү
кэмигэр тыыл бэтэрээнэ. 5. Эбэм диэн куруук сураһар.
238. Сирэй саҥалаах үс этиитэ айыҥ, сурук бэлиэтин туруо-
руҥ.
239. Тэҥнээһин. Этиилэри ааҕан, ааптар тылын инни-
гэр сурук бэлиэтэ уларыйыытын булуҥ. Сирэй са-
ҥалаах уонна ааптар тыллаах этиилэр оҥкулларын
оҥоруҥ.
1. — Бу тугу аһаатыҥ? 1. «Бу тугу аһаатыҥ?» — диэ-
тэ бөрө.
2. — Бэйэҥ балыктаан
аһаа! 2. «Бэйэҥ балыктаан
аһаа!» — диэтэ саһыл.
3. — Хайа, бэрис эрэ,
саатар биири. 3. «Хайа, бэрис эрэ, саатар
биири», — диир бөрө.
122