Page 127 - Саха тыла 5 кылаас
P. 127
— Куоска-куоска бэрт буоллаҕа эбээт.
— Куоска-куоска, бэркиэн?
— Куоска-куоска бэрдим ханна барыай. (Остуоруйаттан)
248. Кэпсэтиигэ уонна туһулууга сурук бэлиэтин ту-
руор. Сөптөөх интэнээссийэни тутуһан аах.
Түбэлтэтигэр маҥан бытыктаах эһэлэрэ оҕонньор дьиэ
иһиттэн субу уун-утары тахсан кэллэ. Онуоха кыра уол
сүүрэн сэллэрийэн тиийэн ыйыта оҕуста.
Эһээ бу дьиэлэр уруккуттан бааллара дуу, саҥа үүм-
мүттэрэ дуу
Бу дьиэлэр дуо Бу дьиэлэр саҥа «үүммүттэрэ» тоо-
йуом
Оччоҕо урут туох баарай
Туох да суоҕа Хара тыа этэ
Тыа дуо Оттон ол тыаҕа туохтар баалларай
Ол тыаҕа эһэлэр бааллара
Тыый Эн көрөрүҥ дуу ол эһэлэри
Көрөн тоойуом көрөн. Мин эһиэхэ, баҕарар буоллаххы-
тына, ол эһэлэр арҕахтарын көрдөрүөм этэ
Ол арҕахтара диэн туохтарый
Арҕахтара диэн дьиэлэрин аата
Чэ көрдөр эһээ көрдөр дии-дии оҕолор өрө туттулар
(Суорун Омоллоон)
249. Тиэкистэри аах. 1-кы тиэкис кэпсэтии истиили-
гэр киирэр. Тоҕо итинник этэрбитин олохтоохтук
бигэргэтиҥ. Атын тиэкистэр истииллэрин салгыы
быһаарыҥ. Дьиэҕитигэр литература учуобунньу-
гуттан билим (наука) истиилинэн суруллубут тиэ-
киһи устуҥ.
I. — Мин моҕотойу тыыннаахтыы тутуом, — диэн
кэпсэнэ истэ Байбааскы.
127