Page 129 - Саха тыла 5 кылаас
P. 129
IV. Билигин да ходуһа уруккутунан дэбиличчи үүнэн
муоралыы долгуйар, солооһун уруккутунан саһаран мөл-
бөйөр, алаас уруккутунан күөх көбүөрүнэн тэлгэнэр. Арай
маны барытын бас билээччи уларыйбыт. Кулуттар хол-
куос буолан, киэҥ алааһы баһылыктаан, үлэ дарбааны-
нан уһугуннарбыттар.
Муҥур аптаах балаҕаннара уларыйбат. Ол эрээри хол-
куос дьиэтэ-уота үксээн, үрдээн истэҕин аайы, кинилэр
балаҕаннара улам кыччаан, иинэн, кирийэн иһэргэ дылы.
(Амма Аччыгыйа)
250. Уус-уран айар ньыманы булан, арааһын ыйыҥ.
I. Кыыс оҕону, арай кинини, ханнык баҕарар омук
күҥҥэ тэҥниир, сибэккигэ, кубаҕа, кыталыкка, күөрэгэй-
гэ холоон хоһуйар. Кыыс оҕо — биһиги олохпут киэргэлэ,
ыллыыр ырыабыт, сүрэхпит ырааска эрэлэ. Кини сырдык
обраһыгар күн чаҕыла, ыстаал хатана, алмаас ырааһа
баар. (Суорун Омоллоон)
II. Сир ийэ, күөх солконон бүрүйбүт курдук, көҕөрөн
күөгэйбит. Алаас сирдэр араас сибэккилээх отторо тах-
сан, сиидэс ойуутун курдук, дьэргэйэн көстөр буолбут-
тар. Хара тыа маһа барыта ситэ көҕөрөн, орто дойду
кэрэ киэргэллэрэ биһиги баарбыт диэххэ айылаах, нуо-
ҕалдьыһа тураллара киһи сүрэҕин-быарын көнньүөрдэр
этэ. Илин тыа баһынан күн, көмүс саһарҕата тыган, тах-
сан иһэрэ. (Эрилик Эристиин)
III. Сүрдээх оҕонньор! Үлэттэн күнү таһаарбыт, ийэм
инньэ диир. Төһө да кырыйдар, билигин да оҕонньоруҥ
санаата модьу: оскуоланы көтөҕөөрү гынар. «Күһүҥҥүт-
тэн ылсыах баара». Биригэдьиир эбитэ буоллар, бука-
тын өрөбүл, сынньалаҥ диэни суох гынан кэбиһиэ эбит.
Күһүҥҥүттэн кыһыны быһа өрөбүлэ суох үлэ! Оччоҕо
129