Page 125 - Саха тыла 5 кылаас
P. 125
Кэпсэтии — икки эбэтэр хас да киһи кэпсэтиитэ.
Хас биирдии киһи саҥата тыл бырахсыы (реплика)
дэнэр. Олоххо да, уус-уран айымньыга да үксүгэр
икки киһи кэпсэтэр.
Кэпсэтиигэ кыттар киһи саҥата саҥа устуруокат-
тан суруллар уонна иннигэр тириэ турар.
Ааптар тыла баар буоллаҕына, сирэй саҥаҕа тут-
туллар сурук бэлиэтэ турар, хабыычыка туттуллубат.
244. Аах. Кэпсэтиигэ сурук бэлиэтин туруортаа. Хас
киһи кыттарын быһаар.
Саҥа уол эргиллэ түстэ. Кини халлаан күөҕэ харах-
таах, ыас хара хаастаах, хара бараан кэтит сирэйдээх
киһи эбит.
Доҕоор, эн хайа омуккунуй диэтэ Ким
Анараа киһи мичээрдии түстэ уонна олуттаҕас соҕус-
тук эттэ
Маамам нуучча, паапам саха
Клим эмискэччи Ким иннигэр көтөн түстэ
Аатыҥ кимий
Аатым Ариас
«Айаас» даа, доҕоор
Уолаттар күлсэ түстүлэр
«Айаас» буолбатах Ариас Ариас Антонов. (Амма Аччы-
гыйа)
245. Саҥа киинэ туһунан кэпсэтиини суруй.
246. Кэпсэтии киэбинэн-халыыбынан суруй. Сурук бэ-
лиэтин туруоран, интэнээссийэни тутуһан ааҕарга
кыһан.
Ньукуус, сонун тэллэҕэ тэлибирии-тэлибирии, сүрэ-
ҕэ быллыгырыы-быллыгырыы, ытыахча буолан баран,
125