Page 124 - Саха тыла 5 кылаас
P. 124

242. Үөрэнээччи өйтөн суруйуутун бу былааны туһанан сыа-
         налаа. Бу үлэни тупсаран, уларытан суруй.

                                         БАЛЫКСЫТ

    Убайым балыкка бураанынан сылдьар. Араас балыгы
бултуур. Илимигэр быраҥаатта, чыыр, сордоҥ, сыалы-
һар иҥнэр. Балыксыттар кырсаны, кииһи, саһылы, кы-
рынааһы эмиэ бултууллар. Түүлээхтэрин анал тэрилтэҕэ
туттараллар. Сайынын бырдаҕа сүрдээх буолар. Дьон
үксэ бириһиэн куурка кэтэр. Мин, улааттахпына, булчут
буолуом.

              46 §. Кэпсэтии (Диалог)

         243. Ааҕыҥ. Хас киһи кэпсэтиитэ суруллубутуй? Сурук
                 бэлиэтэ туруутун болҕойон көрүҥ.

    — Тукаам, тоҕо көмүс сылабаарга өрбөтүҥ? — диэтэ
Көлөпүнэ.

    — Бэйэм.
    — Көмүс сылабааргытыгар хаһан өрөҕүт?
    — Маанылыыр ыалдьыппытыгар.
    — Оччоҕо биһигини маанылаабат буоллаххыт?
    Мин туох диэн хоруйдуурбун булбакка, хаайтаран тур-
дум, маанылыыр санаа, кырдьык, суох буолла. Хата, ийэм
өрүһүйдэ.
    — Ээ, ити дьон сылабаардара, өрүммэппит ээ, — диэн
көннөрдө.
    — Ол иһин оннук буолуо, — диэн баран, Көлөпүнэ мин
диэки үөннээҕинэн көрдө. (Николай Заболоцкай)

124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129