Page 128 - Саха тыла 5 кылаас
P. 128

— Дьэ тутаар, тутаар эрэ, Байбааскыа! — дэһистилэр
оҕолор.

    — Тутуом! Хайаан да тутуом! Көрдүм да тутуом. Мин
маннык туһаҕынан тутааччыбын! Мин, хата, тугу барытын
кыайар, сатыыр киһибин!

    — Оттон тииҥи тутуоҥ этэ дуу?
    — Тутан бөҕө буоллҕа дии!
    — Оттон кииһи?
    — Кииһи да тутуом этэ! Чэ, кэлэн иһиҥ. (Суорун Омол-
лоон)

    II. Саха литературнай тыла норуот кэпсэтэр тылы-
гар олоҕуран сайдар. Норуот кэпсэтэр тыла диэн дьон
олоххо-дьаһахха туттар, көрсө түһээт, кэпсэтэр тыллара
ааттанар. Саха норуотун кэпсэтэр тыла баай, сиэдэрэй,
уһун үйэлээх сайдыыны барбыт тыл буолар. Ол курдук
саха тылын баайын, кэрэтин аан маҥнай кинини үөрэп-
пит нуучча норуотун учуонайдара билэн биһирээбиттэрэ.
«Сахалар сытыы номохтору, бэргэн тылы, тыл оонньуутун,
дэгэтин, дьүһүннээһинин таптыыллар. Уус тылы кинилэр
ордук ытыктыыллар», — диэн суруйбуттара. (Н.К. Антонов)

    III. Төрөөбүт тылынан ааҕар, суруйар кыахтаныы —
туохха да тэҥнэммэт улуу дьол. Ити сүҥкэн дьолу саха
норуотугар аан бастаан тэлэччи аспыта С.А. Новгородов.
Билиҥҥи ыччат дьон ити дьоллорун дьиҥ-чахчы күндүтүк
саныыллара итиэннэ ону ситиһэр туһугар инники көлүөнэ-
лэр дьонноро барахсаттар эрэйдэрин-муҥнарын тургута
сыаналыыллара буоллар дуу! Күндүтүк саныыр, сыана-
лыыр эрэ буолбакка, суол ыйар сулус оҥостон, кинилэр
үтүө холобурдарын батыһан олороллоро, үлэлииллэрэ
буоллар дуу! (Софрон Данилов)

128
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133