Page 133 - Саха тыла 5 кылаас
P. 133
ларан ылан тыыны ыаһыыллар этэ диэн билэрим. Бастаан
сымалалаах мас хойуу сирин көрдөөн, хоно-өрүү оҥос-
тон бараллар. Хатырыгы сымалатын кытта логлу охсон
ылаллар. Ону куулга симэн дьиэлэригэр аҕалан астыыл-
лар. Хатырыгы улахан иһиккэ саас-сааһынан ууран баран,
уу кутан оргуталлар. Хатырык дагдайан тахсыбатын диэн
үрдүнэн сиидэнэн сабаллар. Хатырык оргуйар кэмигэр
ыас дагдайан тахсар, ону мас хамыйаҕынан баһан ылан
тымныы уулаах кытахха куталлар. Оҥочону ыаһынан сы-
быырга, хайыта барбатын диэн, бытархай сылгы түүтүн
кытта булкуйаллар. Ыстыыр ыаһы сорохтор таба үүтүгэр,
сорохтор ынах сүөгэйигэр булкуйаллар диэн кэпсииллэр.
Баҕар, билигин хайа эмэ улууска итини дуу, өссө атын
ньыманы дуу билэр киһи баар буолаарай? Оччоҕо аны
бэйэбит «жвачка» оҥостунар дьон буолан тураайабыт?
(Күндүлүн, «Саха сирэ» хаһыаттан)
255. Биир өс хоһоонун талан, түмүктүүр этии буоларын
курдук, 4—5 этиилээх кэрчик тиэмэни арыйан су-
руйуҥ.
1. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар. 2. Күн аайы эбил-
либэт билии көҕүрүүр. 3. Отонноотоххо оҥоойук туолар,
үлэлээтэххэ үлэ бүтэр. 4. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыт-
тыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат. 5. Үтүө киһи үгүс
доҕордоох, оннук киһи охтон биэрбэт. 6. Биир мэник
сүтэрбитин сүүс көрсүө булбат.
133