Page 137 - Саха тыла 5 кылаас
P. 137

Оҕо + мсох > оҕомсох. Харыс + лаа + был + лаах + тык >
харыстабыллаахтык.

   Тылы састаабынан ырытыы холобура

    Мастарынан > олоҕо — мас > сыһыарыыта + лар (эл-
бэх ахсаан) + (ы)нан (туттуу түһүк). Кылгатан маннык
ырытыахха сөп: мас + лар + (ы)нан = мастарынан.

 257. Дьыктаан. Тиэкискэ аатта биэр. Бэлиэтэммит тыллары
         тыл састаабынан ырыт.

    Ньургун уулуссаттан тирии кумааһынньыгы булбута.
Онно элбэх харчы баар этэ. Уол булумньутун нэһилиэк
дьаһалтатыгар илдьэн туттарбыта. Киэһэлик сүтүктээх
киһи Ньургуҥҥа махтаммыта.

    Тыл састаабын ырытыыга тыл олоҕо уонна түһүк
сыһыарыылара ураты суолталаахтар. Ону маннык та-
былыыссаттан сирдэтэн өйдүөххэ сөп.

 Түһүктэр  Ыйытыылар  Тыллар уларыйыылара
Төрүт
Араарыы    Ким? Туох? Отон, уулусса, кинигэ

Сыһыарыы   Кимнэ?     Отон-но, уулусса-та, кинигэ-тэ
           Туохта?
Туохтуу
           Кимиэхэ?   Отоҥ-ҥо, уулусса-ҕа, кинигэ-ҕэ
Таһаарыы   Туохха?

Туттуу     Кими?      Отон-у, уулусса-ны, кинигэ-ни
           Тугу?
Холбуу
           Кимтэн?    Отон-тон, уулусса-ттан, кини-
           Туохтан?   гэ-ттэн,

           Киминэн? Отон-унан, уулусса-нан, кини-
           Тугунан? гэ-нэн

           Кимниин? Отон-нуун, уулусса-лыын, кини-
           Туохтуун? гэ-лиин

                                                     137
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142