Page 140 - Саха тыла 5 кылаас
P. 140
260. Тиэкиһи аах, былаанын оҥор.
СЫЛГЫ ЧЫЫЧААҔА
Көтөртөн эрэ киһиэхэ саамай чугастара, арааһа, сылгы
чыычааҕа быһыылаах. Ханна дьон олорор сиригэр уйа-
ланар, төрүүр-ууһуур.
Быйыттаах — оҕо сааһым ааспыт сирэ. Онно быйыл
сайын эргиллэн кэлэн сайылыыр буоллум. Үгүс бэлиэ
миэстэлэрбин буламмын, кыра оҕолуу үөрэбин-көтөбүн.
Оннук биир кэрэ өйдөбүлүнэн дьиэбит хаҥас муннугар
сайын аайы уйаланар сылгы чыычааҕа буолар.
Урукку уйа оннунан турар эбит. Иччитэх. Олус эргэр-
бит. Ким да тыыппатах. Хайдах эрэ, оҕо сааһым сүтүгүн
булбатах курдук, хомолто куруһа кууһар. Ама, аны кэлбэт
буолбута буолуо дуо? Эбэтэр ханна эрэ үйэтин моҥоо-
бут муҥа дуу?!
Дьиэм муннугуттан түһэн эрдэхпинэ, атын муннугуттан
сылгы чыычааҕа көтөн тахсан, аймалҕан бөҕөтүн түһэрдэ.
Биир кэм: «Чыры-чыып, чыры-чыып!...» Олох үрдүбэр
саба түһээри айдаарар.
Сэрэнэн ыраахтан уйаны көрөбүн. Арай уйа иһиттэн
үс төбө көстөр. Бары айахтара аппаҥнас. Чээн, кырала-
140