Page 136 - Саха тыла 5 кылаас
P. 136
ТЫЛ САСТААБА
УОННА АРПАГЫРААПЫЙА
Тыл араас суолталаах тус-туспа өлүүскэлэргэ
араарыллыан сөп. Оннук өлүүскэлэртэн тыл састааба
үөскүүр. Нуучча тылыгар тыл састаабыгар пристав-
ка, корень, основа, суффикс, окончание диэннэр
киирэллэр. Оттон саха тылыгар тыл састаабын тыл
олоҕо уонна сыһыарыылар үөскэтэллэр.
Тыл састаабын билии, тылы састаабынан араара,
ырыта үөрэнии кырамаатыка уонна арпагыраапыйа
(таба суруйуу) үгүс боппуруоһун уонна быраабыла-
тын үөрэтиигэ улахан көмөлөөх.
Саха тылыгар тыл олоҕор сыһыарыы эбиллэри-
гэр тыл олоҕо уонна сыһыарыылара, хардарыта са-
быдыаллаһан, уларыйаллар. Ити уларыйыы саҥарыы
сокуонугар олоҕурар уонна таба суруйуу быраабы-
латынан чуолкайданар. Ол иһин V кылааска тыл сас-
таабын кытта билсиһии кэнниттэн таба суруйуу бы-
раабылаларын киэҥник үөрэтиллэр.
48 §. Тыл олоҕун уонна
сыһыарыытын өйдөбүлэ
Тыл састааба: тыл олоҕо уонна сыһыарыыта
Тыл олоҕо: сүрүн суолтаны тутар өлүүскэ; бэйэтэ
туспа тыл. Төрүт олох тыл төрдө буолар, арахсыбат.
Холобур: аан, бар, ол, икки, кыра, ончу.
Үөскээбит олох иккис, саҥа суолталаах. Холобур:
суолдьут, оттоох, балыктаа.
Сыһыарыы — тылга саҥа эбэтэр эбии суолта-
ны биэрэр көмө өлүүскэ. Холобур: үлэ + һит > үлэһит.
136