Page 141 - Саха тыла 5 кылаас
P. 141

рыан! Акаарычааннар, ийэлэрэ ас аҕала барбытын кур-
дук санаан, аһаары кэтэһэн олордохторун.

    Мин итинтэн олус үөрдүм. Сүтүкпүн булбут курдук са-
нанным. Сайыҥҥы сайаҕас күн өссө сырдаан, киэркэйэн
ыларга дылы буолла. Сылгы чыычааҕа эрэйдээх, уйата
эргэрэн, атын сиргэ саҥа «дьиэни» тутуннаҕа диэн санаа
охсуллан ааста. Баҕар, урукку уйалаах чыычаах оҕото эр-
гиллэн кэлэн, ийэтин миэстэтигэр төлкөтүн түстээтэҕэ.

    Ол иһин мээнэҕэ эппэттэр: «Олох оҕолоругар салҕа-
нар», — диэн. Оннооҕор ити сылгы чыычааҕын олоҕо оҕо-
лоругар салҕанан эрдэҕэ...

                                                                        (Сергей Егоров)

         261. Убайым көмөтө диэн тиэмэҕэ бэриллибит былаа-
                 ны тутуһан тиэкистэ суруй. Былаан пуунун ах-
                 сын 3—4 этиини киллэрэн, ис хоһоонун киэҥник
                 арый. Киирии уонна түмүк чааһын оҥор.

    I. Киириитэ.
    II. Cүрүн чааһа:

        1. Ыарахан сорудах.
        2. Сатаабат диэн эрэй эбит.
        3. Убайым абыраата.
    III. Түмүк.

         262. «Мин умсугуйар дьоруойум» диэн тиэмэҕэ 2—3
                 буолан кэпсэтиҥ.

         263. Биир тиэмэни талан, былаанын толкуйдаан суруй.

            Хос быһаарыы: тиэкис ис хоһооно толору арыллара
       былаанын хайдах толкуйдуургуттан, санааҥ утумун
       сөпкө сааһылыыргыттан тутулуктаах.

    1. Саҥа дьыл дьоро киэһэтэ. 2. Төрөөбүт күн. 3. Оҕо
сааһым умнуллубат оонньуура. 4. Эһэм сайылыга. 5. Сө-
бүлүүр дьарыгым. 6. Ыт — киһи эрэллээх доҕоро.

                                                                                                          141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146