Page 142 - Саха тыла 5 кылаас
P. 142

50 §. Арпагыраапыйа (Таба суруйуу)

                                                          Арпагыраапыйа — тыл «көстүүмэ»

                                                                                           В.А. Ицкович

           Арпагыраапыйа диэн таба суруйуу ааттанар.
       Нууччалыыта орфография, төрдө грек омук тыла:
       orthos — таба уонна grapho — суруйабын диэнтэн
       тахсар. Онон таба суруйуу туһунан үөрэх буолар.

           Арпагыраапыйа — тыл үөрэҕин биир интэриэһинэй
       салаата. Тыл баайын таба суруйуу нуорматын быһаа-
       рар. Ону уопсастыба бэйэтэ олохтуур, ылынар, онон
       туһанар.

           Арпагыраапыйа саҥарар саҥаны сурукка биэ-
       рэр ньыманы олохтуур. Тыл дорҕоонунан тутулун —
       састаабын буукубанан биэрии таба суруйуу быраа-
       былатынан быһаарыллар. Онон тыл тас көстүүтэ,
       «көстүүмэ» буолар. Арпагыраапыйа дьайар эйгэтэ
       киэҥ: төрөөбүт тыл бүттүүн баайын буукубанан таба
       суруйан сурукка-бичиккэ киллэрэр. Ону таһынан ула-
       хан буукубаны, дэпииһи туттууну, тылы көһөрүүнү —
       барытын хабар.

         264. Үөрэнээччи сыыһатын көннөрөн суруй.

    Быратым дьокускай куорака лаҕырга сыньанан кэлэ.
Күн уота сэн, һырайа хапхара болбут.

            Кэпсэтэргэ дьон араастык саҥараллар. Ону хайдах
       суруйары арпагыраапыйа быһаарар. Сахалыы таба су-
       руйуу быраабылата дорҕоон дьүөрэлэһиитинэн (са
       ҥа дорҕоонун бириинсибэ) салайтарар. Ол аата, «хас
       биирдии тылы саҥарарбыт уонна истэрбит курдук су-
       руйабыт» диэн.

            Өскөтүн тыл олоҕо икки эбэтэр хас да араастык

142
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147