Page 147 - Саха тыла 5 кылаас
P. 147
Ситимнээх саҥа
54 §. Тиэкис сүрүн санаата.
Эпиигирэп
Тиэкис туох санааны этээри суруллубута, туохха
ыҥырара, үөрэтэрэ сүрүн санаата дэнэр. Сүрүн са-
наа тиэмэни кытта ыкса сибээстээх, иккиэн тиэкискэ
бииргэ арыллаллар. Сүрүн санаа тиэкис этиитигэр,
аатыгар бэриллиэн сөп. Сороҕор сүрүн санааны көр-
дөрөр этии тиэкискэ суох буолар. Оччоҕо сүрүн санаа-
ны ааҕааччы бэйэтэ быһаарар.
273. Тиэкиһи аах. Сүрүн санаатын бэлиэтиир этиини
бул.
ЧООРУОС ХОРУОБУЙАҔА ХОНОР
Олунньу ый. Хайыһарынан сылдьан салгын сиибин.
Салгын чэбдигэ, сылааһа киһи төһө баҕарар сылдьыан
курдук. Дьиэбэр төннөрбөр халлаан борук-сорук буолбу-
та. Ойуур иһигэр сүүсчэкэ хаамыы инники иһэр киһи бар-
бах барыаран эрэ көстөр.
Дьиэбэр кэлэн, хайыһарбын устан, хаарын сото туран,
ампаар кэннинээҕи титирик ойуурга чооруостар чары-
ласпыттарын соһуйа иһиттим. Бачча хойукка диэри хонук
сирдэрин булбакка, өссө даҕаны аһыыр бэйэккэлэрэ дуу?
Ол турдахпына, биир чооруос соруктаах баҕайытык
көтөн тирилээн кэлэн, хоруобуйа иһигэр «дьылыс» гынан
хаалла. Утаакы буолбата, атын чооруостар эмиэ доҕор-
доро киирбит сиринэн биир-биир кииртэлээн хааллылар.
— Сотору хаар, тибии түһүүһү, — диэтэ аттыбар баар
буолан хаалбыт Бүөтүр оҕонньор. — Чооруос тыаҕа хом-
мокко, хоруобуйаҕа хорҕойдоҕуна тыал, хаар кэлээччи.
147