Page 149 - Саха тыла 5 кылаас
P. 149
275. Бэриллибит тиэмэлэр ааттара сүрүн санааны этэл-
лэр дуо?
1. Өлүөнэ остуолбаларыгар. 2. Өлүөнэ остуолбалара —
айылҕа дьиктитэ. 3. Оҕо саас. 4. Оҕо саас — кэрэ кэм.
5. Ким доҕордоох — ол дьоллоох. 6. Оскуолам. 7. Оскуо-
ла — билии-көрүү кыһата.
Эпиигирэп тиэкис сүрүн санаатын өйдүүргэ көмө-
лөһөр, ааптар этэр санаатын чуолкайдыыр, дириҥэтэр.
Эпиигирэп быһыытынан өс хоһоонун, бэргэн этиини,
уус-уран айымньыттан быһа тардыыны туттуохха сөп.
Холобур, Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» арамаанын
«Кыра балаҕаҥҥа» диэн маҥнайгы төгүлүгэр «Кырдьа-
ҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл» диэн өс хоһоонун
эпиигирэп гыммыт.
Эпиигирэп сүрүн санааттан туораабакка барарга
көмөлөһөр.
276. Тиэкиһи аах. Сүрүн санаатын быһаар. Эпиигирэби кыт-
та тэҥнээн көр. Эпиигирэп туох суолталааҕын эт.
КҮҺҮҤҤҮ ТҮБЭЛТЭ
Ыстаабыккын эрэнимэ,
Ыйыстыбыккын эрэн.
(Өс хоһооно)
Биир үтүө күн Колялыын балыктыы барарга үлэстим.
Балыксытым «ыларым дуу, ылбатым дуу» диэн саарбах-
тыыр. Онтон: «Ладно, сарсын уруок кэнниттэн барыахпыт,
бэлэмнэн», — диэн буолла.
Сарсыҥҥы күн син үүннэ. Халлаан соччо уларыйбатах.
Хотуттан сытыы тыаллаах. Халыма хаҕыс тыала хоппо-
тун диэн логлоччу таҥнабын. Кылаабынай балыксыты
149