Page 153 - Саха тыла 5 кылаас
P. 153
лэрэ суруллуутугар сөп түбэһэр: от, бар, киһи, ба-
лаҕан, уруһуйдьут, хайыһардыыллар, оҕолорбутугар.
Ол аата тыл хайдах иһиллэрин болҕойон истэбит
уонна ону тутуһан суруйабыт. Ол иһин чуолкайдык
истэрбит уонна болҕомтолоох буоларбыт наада. Оч-
чоҕо эрэ таба суруйар кыахтанабыт.
Саҥа дорҕоонун ирдэбилигэр олоҕурбут быраа-
была судургу, чэпчэки. Онон саҥа дорҕоонун сүрүн
сокуоннарын чиҥник билэр үөрэнээччи сахалыы таба
суруйууга ыарырҕаппат.
279. Судургу уонна уустук суруллуулаах тыллары тус-
туспа наардаа. Тоҕо оннугун быһаар. Үс этиитэ
оҥор.
Сулус, баран хаалла, куобах, оҕус, таба, биэс уон,
саас.
Элбэх сүһүөхтээх тылы сөпкө суруйар уустук буо-
лар. Ол эрээри биир-икки сүһүөхтээх да тылы таба
суруйуу судургута суох. Манна таба саҥарыы уонна
суруйуу тус-туспа буолалларын өйдүүр наада. Холо-
бур: кулууб (п) аана, булчуд (т) ыт.
280. Хайата сөбүн талан суруй.
Түөрт уон — түөрд уон — түөрдүөн — түөрдэн. Ыбы-
раас — ыб-ыраас — ып-ыраас. Сырдык олох — сырдыг
олох. Һаха — саха. Һырыт — сырыт. Көрдөөх-нардааҕ
дьылларбыт — көрдөөх-нардаах дьылларбыт. Бииргэм —
биир кэм. Ол курдук — ол гурдук — огурдук — оҕордук.
Кыырт — кыыт.
153