Page 148 - Саха тыла 5 кылаас
P. 148

— Бүгүн хойукка диэри аһаан айманнылар. Сарсыар-
даттан тотор да кэмнэрэ буоллаҕа.

    — Дьэ, ол. Куртахтарыгар ас саппааһын мунньунан
киэһэ хойукка диэри аһаатахтара. Тыал кинилэри түүлэ-
рин сахсатан, эттэрин курдат охсор. Ол иһин тыал үрбэт
сирин булан хорҕойоллор.

    ... Нөҥүө сарсыардатыгар тоҥ былыттар кыыһан көс-
түбүттэрэ. Ону кытта киһини курдаттыы охсор сытыы
тыал түспүтэ. Хоруобуйаттан биир да чыычаах быкпата-
ҕа. (Иннокентий Сосин)

 274. Тиэкиһи аах, сүрүн санаатын быһаар.

                                  КИЭРГЭМСЭХ БААЙ

    Биир олус киэргэмсэх баай олорбут. Дьон бары ки-
нини көрө сылдьалларын курдук таҥныан баҕарара. Ол
иһин бэйэтин бортунуойугар саҥа таҥас тиктэрбит. Бор-
тунуой киниэхэ олус үчүгэй көстүүмү тикпит. Ону кэтэн,
баай баһаарга тиийэн, онон-манан хаамыталыы сатаа-
быт да, ким да кинини аахайбатах.

    Баай онтон эмиэ саамай сыаналаах күндү таҥаһынан
саҥа көстүүм тиктэрбит. Онтун кэтэн эмиэ баһаардаа-
быт. Эмиэ ким да болҕойон көрбөтөх.

    Баай ыга кыыһыран дьиэтигэр төннүбүт. Бортунуо-
йугар: «Хас ааһар киһи хараҕа хатанар гына көстүүмнэ
тик!» — диэн бирикээстээбит.

    Бортунуой толкуйдаан-толкуйдаан, толкуйун тобулбут:
ынах тириитин атыыласпыт, тойонугар онон көстүүм тик-
пит. Баай ол көстүүмүн кэтэн баран эмиэ баһаарга бар-
быт. Дьэ бу сырыыга дьон бары киниттэн арахпатах, өссө
батыһа сылдьыбыттар. Баай дьэ астыммыт.

148
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153