Page 150 - Саха тыла 5 кылаас
P. 150

кэтэһэн, иккис чааскы чэйбин бүтэрэн эрдэхпинэ, киһим
дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ.

    Сып-сап чэйдээн, сонун сиэбигэр хас да быһыы ки-
лиэби угунна, салааска, бэйэтинээҕэр быдан уһун ан-
ньыы ылла. Бардыбыт.

    Ясачнайга киирбиппит, тыала сүрдээх. Биэрэктэн чу-
гас онон-манан мастар чороһон көстөллөр.

    — Ити атын дьон илимэ. Миэнэ уҥуор баар, — диир
Коля сулбу хааман иһэн.

    — Коля, эн сааһыҥ хаһый? — диэн ыйытабын.
    — Быйыл уон биирбин туолуом. Төрөөбүт күммүн аны
өссө да өр кэтэһэбин.
    Ити икки ардыгар өрүспүтүн туораан, ойбоммутугар
кэллибит. Коля кытыыттан саҕалаан ойбонун алларбы-
тынан барда. Мууһун баһан биир сиргэ чөмөхтүүр. Он-
тубут утары тоҥон иһэр. Көмөлөһөн муус басыһаары
гынабын да, «ууну баһаҕын» диэн киһим сэмэлиир. Бу
ойбоҥҥо Коля чабаак диэн халымалар таптыыр балык-

150
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155