Page 154 - Саха тыла 5 кылаас
P. 154
56 §. Морполуогуйа ирдэбилэ
Тыл хайдах этиллэрин буолбакка, уопсай халыы-
бын тутуһан суруйары морполуогуйа ирдэбилэ
дэнэр. Манна тыл уопсай тутула учуоттанар, ханнык,
хас өлүүскэттэн турара быһаарыллар. Онуоха мор-
полуогуйаҕа курдук тыл олоҕо ордук суолталанар.
Холобур, этчит диэн тылы көрүөххэ. Бу тыл икки
араастык этиллэр: эччит, этчит. Мантан иккис тылын
сурукка киллэрэбит. Тоҕо диэтэххэ, төрүт олоҕо эт:
эт + чит > этчит.
СҮБЭ
Òûëû òàáà ñóðóéàðãà òûë îëîҕóí, ñûһûàðûûëàðûí
÷èҥíèê áèëýð îëóñ òóһàëààõ.
281. Хайата сөбүн талан суруй.
Отчут — оччут. Маччыт — масчыт. Киирсэр — кииссэр.
Отутча — отучча. Үөһээ лабаа — үөһэ лабаа. Киэһэ аһы-
лык — киэһээ аһылык. Толоттор — толортор.
282. Дьыктаан. Тиэкискэ аатта биэр. Бэлиэтэммит тыллары
састаабынан ырыт.
«Хатан» сурунаалы олус сэргээн ааҕабын. Манна
үөрэнээччилэр туох дьарыктаахтарын суруйаллар.
Уруокка учууталбыт оҕолор суруйбут айымньыларын
ааҕааччы. Сурунаалга өссө араас куонкурус тахсар. Мин
дуобат садаачаларын түргэнник суоттуубун. Сороҕор
эһэм көмөлөһөр. Бу сурунаалга эһиил эмиэ суруйтарыам.
154