Page 157 - Саха тыла 5 кылаас
P. 157

Xос быһаарыы: тэттик тиэкискэ түбэлтэ буолар сирин,
       кэмин, сүрүн дьоруойдары билиһиннэрии үксүн 1—2
       этиигэ холбуу бэриллэр. Холобур: саргылаах Саҥа дьыл
       үөрүүлээх-көтүүлээх бырааһынньыгар оҕолор күүтэр
       күндү ыалдьытынан Моруос оҕонньор буолар.

         285. Тиэкиһи аах. Тиибин быһаар, тутулун ырыт. Сү-
                 рүн санаатын быһаар. Аатта толкуйдаа. Тиэкис
                 апсааһын болҕой.

    Кыһын. Амырыын тымныы адаҕыйан турар. Эһэбит Дьө-
гүөрсэ оҕонньор тыаҕа тахсан уонча хонон, тоҥон-хатан,
аан туманы бүрүнэн хоочугураан киирдэ. Киирэн, сонун,
бэргэһэтин устан, эргим-ургум көрө-көрө, тарбаҕын са-
ратан, билиитэ оһоххо чугаһаан иһэн, аргыый ыйытта:

    — Маачыҥка баар дуу?
    Ити кини икки саастаах сиэнэ Машенька кыысчааны
ыйытар.
    — Ээ-э?! — эбэбит Балбаара эмээхсин, соһуйан, өрө
көрө түһэр.
    — Маачыҥка ... баар дуу? — оҕонньор өссө симиктик
ыйытар.
    — Баар буолумуна. Булан-булан ыйытар ээ: ханна ба-
рыаҕай бу үлүгэр тымныыга ол иккилээх оҕо?
    Дьөгүөрсэ оҕонньор, истиҥ иэйиитин быктарбытыт-
тан кыбыстыбыттыы, сирэйин кистии туттан, оһох инни-
гэр олорор. Кини сиэнэ кыысчаан ханна да барбатаҕын
билэр, ону сураспат, дьиҥинэн, кини ити тылларга Маа-
чыҥката барахсаҥҥа муҥура суох тапталын бүтүннүүтүн
тоҕо сүөкээн эттэ.
    Таптал тыына онуоха туһааннаах тылларынан эрэ этил-
либэт быһыылаах. (Софрон Данилов)

         286. Биир эмэ түбэлтэ туһунан кэпсээннэ суруй.

                                                                                                          157
   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162