Page 161 - Саха тыла 5 кылаас
P. 161

Туохтуур кэлэр кэмин 2-с сирэйэ биир ахсааҥҥа
       ҥ дорҕоонноох суруллар: эн барыаҥ, барыаҕыҥ; эн
       кэлиэҥ, кэлиэҕиҥ.

            Туохтуур соруйар киэбигэр элбэх ахсааҥҥа ҥ дор-
       ҕоонноох суруллар: туруоҕуҥ, туруҥ, тураарыҥ, оло-
       руоҕуҥ, олоруҥ, олорооруҥ, аһыаҕыҥ, аһааҥ, аһаа-
       рыҥ.

 292. Алҕаһы булан көннөр.

    Уулаах балык, дьиэлээх баһылык курдук сананын, са-
халыы хойуу чэйдэ оргутун. Итини мааҕын бэйэтиттэн
ыйытыан этэ буоллаҕа дии. Тукаам, түргэнник бар, хо-
йутаатаҕын буолуо. Чэ, эдэр дьон, оонньоон-көрүлээн,
миэхэ букатын кыһаныман.

         293. Биир эмэ көрбүт-истибит түбэлтэҥ туһунан сэһэр-
                 гээһин тиэкиһи суруй. Суруйбуккун доҕотторгор
                 кэпсииргэ бэлэмнэн.

   61 §. Нууччалыы тылы таба суруйуу

 ! Нуучча да, омук да тыла саха тылын дорҕоонугар сөп
       түбэһэн уларыйаллар. Холобур, стол-остуол, автобус-оп-
       туобус, завод-собуот, компьютер-көмпүүтэр, яблоко-
       дьаабылыка, правительство-бырабыыталыстыба, тык-
       ва-тыыкыба.
           Ол эрээри сорох тылы итинник суруйар кыаллыбат (хо-
       лобур, тиэрмин, аныгы кэм тыла-өһө).

         294. Бэриллибит тыллары сахалыы көрүҥүнэн улары-
                 тан суруйар кыах баар дуо? Холонон көр.

    Рентген, фильтр, бильярд, рейс, следователь, воспи-
татель, вертолёт, слон.

                                                                                                          161
   156   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166