Page 163 - Саха тыла 5 кылаас
P. 163
296. Леопард, экспорт диэн тыллары түһүгүнэн уларытыҥ.
Нууччалыы тыл бүтэһик — нт, -нг, -ст, -зд сэргэс-
тэһиитигэр бүтэһик бүтэй дорҕоон уонна сымнатыы
бэлиэтэ түһэр, оттон хаалбыт бүтэй дорҕоон саха-
лыы тылга курдук уларыйар.
Сержант — сержаны — сержаҥҥа, хатылаа,
спортинг — спортины — спортиҥҥа, саҥара үөрэн
турист — туриска — туриһы,
подъезд — подъеһы — подъезка
Нууччалыы аат тыл тиһэх аһаҕас дорҕооно сыһыа-
рыы эбиллиитигэр уларыйбат.
Ефимов — Ефимовтан, отделение — отделениены.
(Ефимавтан, отделенияны буолбат).
Киирии тыл олоҕо наар илин аһаҕас дорҕооннор-
доох (е, и, э) эбэтэр -тель диэн сүһүөҕүнэн бүтэр
буоллаҕына, сыһыарыы аһаҕас дорҕооно и, э буо-
лар. Холобур: гений — генийинэн — генийдээх; ган-
тель — гантельгэ — гантеллээҕэр.
Тыл олоҕун тиһэх сүһүөҕэр у, ю, ё эбэтэр охсуу-
лаах о баар буоллахтарына, сыһыарыыга у, а сурул-
лар. Холобур: Бекренёв — Бекренёву — Бекренёвка,
парашют — парашюту, Серов — Серову, мазут — ма-
зуту (Бекреневи — Бекреневкэ, парашюты, Серовы,
мазуты буолбат).
297. Бу тыллартан хайата сөбүн талан суруй. Табаарыс-
таргын кытта күрэхтэс.
Микрофоны — микрофону, физиги — физигы, Петро-
ву — Петровы, кимберлиттааҕар — кимберлиттээҕэр,
геофизигы — геофизиги, фильми — фильмы, мультфиль-
163