Page 166 - Саха тыла 5 кылаас
P. 166

300. Тиэкистэри аах. Тугу ойуулааһын буоларын бы-
                 һаар.

    I. Иккиэн кыра да дьон. Улахана хап-харанан чоҕулуч-
чу көрбүт киэҥ харахтаах, даллаҕар кулгаахтаах, кырыы-
лаах муруннаах, кыыс оҕолуу нарын, уон үһүгэр сылдьар
уол.

    Оттон иккис уол кыра уҥуохтаах, мытырыллыбыт тө-
гүрүк сирэйдээх, убайынааҕар өссө улахан даллайбыт
кулгаахтаах уон биирдээх киһи.

    II. Сарсыарда тыала суох ып-ыраас халлаантан күн
сырылаччы тыган, өҥүрүк куйаас буолбута. Эбиэттэн
киэһэ арҕааттан салгыйан, онон-манан былыттар уһулу-
та ойон таҕыстылар. Тыала улам эбиллэн, уулаах хара
былыттар халыҥ халҕаһалара халлаан оройун былдьас-
тылар. Ийэ сир, дьэ туох буолар диэххэ айылаах, лүҥ-
күрэ иһийдэ, көтөр-сүүрэр ылы-чып баран кирийдэ. Тыал
эбии күүһүрэн, сыыһы-буору өрүкүттэ, оту-маһы эрийэн
имитэ оонньоото. Тэнийэн иһэр хара былыт Тойон Мүрү
үрдүгэр тахсарын кытта, чаҕылҕан уот курбуу кымньыы-
тынан туора-маары курбаһыннарда.

                                                                    (Михаил Тролуков)

         301. Таай. Ханнык көтөрүй?

                 Саҕынньаҕы саба бүрүммүттүү
                 Сахсайбыт нэктэл эбириэн түүлээх,
                 Сэттэ уонун туолан бүдүгүрбүттүү
                 Сэпсийбит түү бытык сирэйдээх,
                 Чабычах саҕа чаан саллах бастаах,
                 Чэҥ курдук дьэҥкир муус харахтаах,
                 Модьу токур муос муруннаах,
                 Дэлэй былас кынаттаах,

166
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171